Саха Республикатын күнүн көрсө 6,7 "а", 7 "б" кылаас оҕолоругар библиотечнай урок буолан ааста 👏🏼👏🏼👏🏼
«Муус устар 27 күнэ - Саха Республикатын күнэ» ветеран учуутал, музей үлэһитэ Шарина Е.Д. оҕолорго аахпыт беседатын чуумпуран олорон иһиттилэр👍🏻Кырдьык да саха олоҕор суолталаах уонна быһаарыылаах күн буолбутун өйдөөтүлэр. Ол кэннэ,
«Мин дойдум- Саха сирэ» билиини -көрүүнү хаҥатар өй оонньуутун библиотекарь Борисова Т.И. ыытта🤩Оҕолор Саха сирин историятын, саха төрүт аһын, иһитин-хомуоһун, сыспай сиэллээх айылҕа оҕолорун тустарынан араас ыйытыктарга эппиэттээтилэр уонна сахалыы тыллары нууччалыы тылбаастаатылар🙌🏻 Өссө музейтан таҕаан уонна сыпсы маллары ылан оҕолорго көрдөрдүбүт , туохха туттулларын таайдылар, син удумаҕалатан бэйэлэрин санааларын эттилэр. Түмүк тахсар кэмигэр, Екатерина Дмитриевна сиһилии быһааран, кэпсээн оҕолор интэриэстэрин тарта😊 Түмүккэ, 7 "б" кылаастан турбут хамаанда 1 м, 7 "а"- 2 м, 6с (2 хамаандата) - 3 м, 6 с ( 1 хамаандата) - 4 м ылан үөрэн-көтөн тарҕастылар😍
Оҕолорго туһалаах күн буолла , элбэҕи биллилэр диэн ис-сүрэхпититтэн үөрэбит🤩🙌🏻 Көмөлөспүт, дьүүллүүр сүбэҕэ олорбут Андросова М.Н. уонна Шарина Е.Д. махталбын биллэрэбин! 🫶🏻
- Информация о материале
Бүтүн Арассыыйатааҕы акция"БИБЛИОНОЧЬ-2024" 🤩📚📚📚
Арассыыйаҕа "Дьиэ кэргэн"👨👩👧👦Саха сиригэр “Oҕо саас"👫Уус Алдан улууһугар "Аҕа" сылынан👨👦Уус Алдан улууһугар библиотека тиһигэ тэриллибитэ 100 сылынан👩🏼💼📚 саха норуодунай суруйааччыта Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романынан «Ааҕар Лөгөй сирэ»түмсүү бу сыллааҕы түмүктүүр тэрээһинин,литературнай оонньууну ыыттыбыт 👏🏼 Уопсайа иккилии-үстүү киһилээх 5 хамаанда кыттыыны ылла. Күрэх 3 түһүмэхтээх, бастакы түһүмэххэ "Манчаары" хоһоону уус-ураннык аахтылар,иккис түһүмэххэ роман "Кыра балаҕаҥҥа" маҥнайгы төгүлүттэн, үһүс түһүмэх роман "Эрэйдээх ыллыгынан" иккис төгүлүттэн ыйытыыларга эппиэттээтилэр🤗 Түмүккэ, 1 м Шарина Е.Д., Аржакова Е.Н., 2 м Бурнашева В.И. сиэнинээн Айгыналыын, 3 м Андросова М.Н., Бережнева Т.Е., Сысолятин В.Н. хамаандалара ыллылар👏🏼
Григорьева М.К, Копырина С.П. уонна Даалыттан кэлбит ыалдьыттарбыт Борисова М.И, Пермякова Н.Б., Заболоцкая В.Е. хамаандалара ситиһиилээхтик кытыннылар👏🏼
Дьүүллүүр сүбэ Петухова В.С., Лугинова З.П.
Күрэх боппуруостарын барытын бэлэмнээтэ Матвеева М.Д. уонна оонньууну ыытта 😇👏🏼
Бары кыттыбыт хамаандаларга, дьүүллүүр сүбэҕэ истиҥник махтанабыт, өссө да кыттар буолаарын диэн ыҥырабыт! ☺️
«Ааҕар Лөгөй сирэ» түмсүү
- Информация о материале
Муус устар 2 күнэ - Дания улуу суруйааччыта Ганс (Ханс) Христиан Андерсен ( 1805 с.) төрөөбүт күнэ. Кини аатын аан дойдуга билбэт киһи диэн суоҕа чахчы. Андерсен «Гадкий утенок», «Дюймовочка», «Стойкий оловянный солдатик», «Оле-Лукойе», «Принцесса на горошине», «Снежная королева», о.д.а. остуоруйаларыгар бары да бигэнэн улааттахпыт, умсугуйан аахтахпыт.
Аан дойдуга оҕо кинигэтин күнүн улуу остуоруйаһыт төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, Оҕо кинигэтин аан дойдутааҕы Сэбиэтэ 1967 сыллаахха биллэрбит. Онтон ылата бибилэтиэкэлэр, кинигэ бэчээттээн таһаарар кыһалар, оҕо тэрилтэлэрэ тэрээһин бэртээхэйин тэрийэр үтүө үгэстэммиттэр.
Ол курдук, бүгүн биһиэхэ "Чэчир" оҕо уһуйаанын улахан уонна бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоро ыалдьыттаатылар.Оҕолор бу күн историятын иһиттилэр, кинигэ ханна, хайдах оҥоһулларын туһунан презентация көрдүлэр уонна бэйэлэрэ дьэрэкээн ойуулардаах дьиэ кыылларын туһунан кинигэ оҥордулар. Сааскы сибиэһэй салгыҥҥа хааман, библиотека дьиэтин көрөн-истэн, өссө кинигэ тутуурдаах үөрэн-көтөн уһуйааннарыгар төнүннүлэр.
- Информация о материале
Ааспыт нэдиэлэҕэ о.э кулун тутар 27 күнүгэр Арассыыйаҕа "Дьиэ кэргэн",Саха сиригэр “Oҕо саас",Уус Алдан улууһугар "Аҕа" сылынан, Уус Алдан улууһугар библиотека тиһигэ тэриллибитэ 100 сылынан, улууспут дьонун, дьиэ кэргэнин биир санааҕа түмүү, сомоҕолооһун диэн соруктаах "Дьиэ кэргэн - олох төрдө" нэһилиэктэр икки ардыларыгар улуустааҕы култуура бэстибээлэ буолан ааста. Быыстапка көрүүтэ уопсайа 5 тематикалаах 1) элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн быыстапката , уопсайа 3 ыал (ыал буолан олорбуттара 10 сылга диэри Туяра, Петр Сысолятиннар, 25 сылга диэри Ньургуйаана, Иннокентий Даниловтар уонна 25 сылтан үөһэ Матрена, Петр Кычкиннар дьиэ кэргэттэрэ кыттыыны ыллылар2) Ааҕар дьиэ кэргэн ( 6 оҕолоох Саргылаана, Егор Копыриннар) 3)Удьуору үйэтитэр, аймаҕы ааттатар төрүччү ( нэһилиэк дьиэ кэргэттэрин, халыҥ аймахтарын төрүччүлэрэ турда) 4) Мин дьиэ кэргэним реликвията (Петухова Марианна Петровна эһэтин Тарский Матвей Филиппович 135 сыл турбут сэппэрээтэрэ 5) оҕону сайыннарар кружоктар, секциялар ( Лөгөй лицей интерната, "Чэчир"оҕо уһуйаана)
Уопсай түмүк биллибитинэн быыстапкабыт үрдүк сыанабылы ылла, 5 баалтан 5 🤩👍🏻👏🏼👏🏼 иккис төгүлүн кыайыы үөрүүтүн биллибит🥳🙌🏻
Бары үлэлэспит, көмөлөспүт бар дьоммор ис-сүрэхтэн махтал, өссө да түмсүүлээхтик кыайыы үктэллэниэх!
- Информация о материале
Страница 2 из 6