Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Аан дойдутааҕы сааһырбыттар декадаларын көрсө,Билии ыйынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн библиотекаҕа аҕа саастаах дьоммутугар "Күһүҥҥү көрсүһүү" сынньалаҥ киэһэтэ буолла.🤩🍁🍂🌾🍬🍹 Саха сиригэр судаарыстыбаннаһы төрүттэспит чулуу дьон туһунан музей үлэһитэ Шарина Е.Д. кэпсээтэ,ол кэннэ библиотекарь Борисова Т.И. Саха сирин историятыгар анаммыт викторина оонньотто. Өр кэмҥэ библиотекарынан үлэлээбит Андросова М.Н. каллиграфическай сурукка күрэх ыытта.🖊️ Түмүк тахсыар диэри А.С.Пушкин, М.Ю.Лермонтов күһүн туһунан хоһооннорун күргүөмүнэн аахтылар.😍 Викторина түмүгүнэн 1м. Борисова М.В., 2м. Шарина Е.Д., 3м. Фомина А.С. онтон каллиграфическай сурукка 1м. Алексеева М.П., 2м. Фомина А.С., 3м. Олесова Г.М. ылары ситистилэр. Тэрээһини киэргэппит «Саамай-саамай…» ретро-күрэх буолла. «Саамай былыргы кинигэм», «Саамай эргэ сыллаах сурунаал»,«Мин үөрэммит тэтэрээтим»,«Үөрэммит сылларбын санатар Уруучукам», «Эргэ паартам «марайа»-Чэрэниилэм иһитэ» анал ааттарга бэрт интэриэһинэй ис-хоһоонноох аҕалбыт малларын кэпсээтилэр. Ити кэннэ минньигэс астаах остуол тула олорон сэһэргэстилэр, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Ытык - мааны дьоммут көрсүһүү үтүөтүн билэн, сэргэхсийэн, астынан махтал тылларын анаатылар.
- Информация о материале
Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Аан дойдутааҕы сааһырбыттар декадаларын көрсө,Билии ыйынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн библиотекаҕа аҕа саастаах дьоммутугар "Күһүҥҥү көрсүһүү" сынньалаҥ киэһэтэ буолла.🤩🍁🍂🌾🍬🍹 Саха сиригэр судаарыстыбаннаһы төрүттэспит чулуу дьон туһунан музей үлэһитэ Шарина Е.Д. кэпсээтэ,ол кэннэ библиотекарь Борисова Т.И. Саха сирин историятыгар анаммыт викторина оонньотто. Өр кэмҥэ библиотекарынан үлэлээбит Андросова М.Н. каллиграфическай сурукка күрэх ыытта.🖊️ Түмүк тахсыар диэри А.С.Пушкин, М.Ю.Лермонтов күһүн туһунан хоһооннорун күргүөмүнэн аахтылар.😍 Викторина түмүгүнэн 1м. Борисова М.В., 2м. Шарина Е.Д., 3м. Фомина А.С. онтон каллиграфическай сурукка 1м. Алексеева М.П., 2м. Фомина А.С., 3м. Олесова Г.М. ылары ситистилэр. Тэрээһини киэргэппит «Саамай-саамай…» ретро-күрэх буолла. «Саамай былыргы кинигэм», «Саамай эргэ сыллаах сурунаал»,«Мин үөрэммит тэтэрээтим»,«Үөрэммит сылларбын санатар Уруучукам», «Эргэ паартам «марайа»-Чэрэниилэм иһитэ» анал ааттарга бэрт интэриэһинэй ис-хоһоонноох аҕалбыт малларын кэпсээтилэр. Ити кэннэ минньигэс астаах остуол тула олорон сэһэргэстилэр, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Ытык - мааны дьоммут көрсүһүү үтүөтүн билэн, сэргэхсийэн, астынан махтал тылларын анаатылар.
- Информация о материале
Балаҕан ыйын 27 күнэ – Россияҕа оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин үлэһиттэрин күнэ. Хас биирдии оҕо уһуйаантан саҕалаан бастакы билиини уонна сатабылы ылар,бары өттүнэн сайдар, элбэххэ үөрэнэр. Лөгөйбүт сиригэр, Кэптэнигэ «Чэчир» оҕо тэрилтэтэ быйыл тэриллибитэ 60 сылынан уонна бүгүҥҥү үөрүүлээх бырааһынньыгынан бары коллективы,оҕолорбутугар ийэлии истиҥ,сылаас сыһыаҥҥытыгар махтанан туран, ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит! Бу бэлиэ күнүнэн иитээччилэр аҕыйах ыйытыкка хоруйдарын көрүҥ. 1) Аныгы кэм иитээччитэ ханнык ураты хаачыстыбалаах буолуохтааҕый? Бу идэни талыан баҕарар эдэр оҕолорго сүбэҥッ 2)Оҕо кинигэҕэ таптала туохтан саҕаланыахтааҕый?Эн санаан.♡ 3)Бэйэн үс бүтэһик аахпыт кинигэн ханныктарый? Ааҕааччыга ханныгын сүбэлиэҥ этэй?ツツツ 4) Коллегаларгар баҕа санааҥ.❀ Матвеева Матрена Дмитриевна, 43 сыл стажтаах үлэ бэтэрээнэ: 1.Уһуйаан үлэһиттэрэ бэйэбит анал күннэммиппит аҕыйах сыл буолла, республика суверенитетын кытта бииргэ түбэстэр да, анал күннээхпитин астынабын. Иитээччи үлэтин талар киһи оҕону таптыыр буолуохтаах, бастакытынан, оҕоҕо тэҥ балаһыанньаттан сыһыаннаһыахтаах -"оҕо-оҕо", аныгы тэтимтэн хаалбат бэйэтэ сайдыылаах, билиилээх, куруук билиитин үрдэтинэр буолуохтаах. 2.Оҕо кинигэҕэ таптала дьиэ-кэргэнтэн саҕаланар, мээнэ кинигэни ыл да ыл уонна баран көр эрэ диэнинэн бүтэр буоллаххына, тапталы ииппэккин, оҕону кытта тэҥҥэ көрсөн, кэпсэтэн, ырытыһан, бастаан ааҕан, кэлин аахтаран, ырытыһар буоллаххына эрэ, кинигэҕэ тапталы иитиэҥ, ааҕар оҕо буолуо. 3.Кэлин аахпыт кинигэлэрим: - А.А.Борисов "Лөгөй Тойон" историческай; - "Саныыр буолаар ыйдаҥалаах түүнү" кэпсээннэр хомуурунньуктара; - Д.Макеев " Кыргыс толоонугар көрсүһүү" - кэпсээннэр уонна тылбаастар; 4. Уһуйаан үлэһиттэрин барыларын аналлаах күммүтүнэн итиитик, истиҥник эҕэрдэлиибин, кэнчээри ыччаппыт сайдарын туһугар айымньылаах үлэни, тус олоххутугар дьолу-соргуну! Сысолятина Матрена Ильична, 40 сыл стажтаах иитээччи: 1.Аныгы кэм иитээччитэ элбэҕи билиэхтээх,үлэтигэр эппиэтинэстээх,кыра оҕоҕо оҥкулун биэрээччи иитээччи. Сөбүлүүр идэҕин таллаххына ,үлэҕэр үөрэ-көтө бараҕын,күн аайы хатыламмат түгэннэр. 2.Дьиэ кэргэҥҥэ кинигэ эйгэтин тэрийиэххэ наада,элбэхтик ааҕан,ойуутун көрдөрөн,кэпсэтэн оҕо саҥатын сайыннарыахха ,билиитин урдэтиэххэ. Элбэҕи ааҕар киһи сайдыылаах,инникигэ эрэллээх. 3.«Көрсүөххэ диэри» - Айталын, «Аар айыы итэҕэлэ» В.А.Кандаков 3 чааһа, С.С. Васильев олоҥхолоруттан. Олоххо буолбут кэпсээннэри,романнары ааҕарбын сөбүлүүбүн. 4.Коллегаларбар үлэлэригэр үрдүк ситиһиини,оҕону кытта оҕо буолан,элбэх билиини биэрэн,алгыстаах аанын арыйан ,инникигэ эрэли баҕарабын. Сокорутова Мария Романовна, 26 сыл стажтаах, «Ымыычаан» бөлөх иитээччитэ: 1.Аныгы кэм иитээччитэ билиҥҥи үйэни батыһан киэн көрүүлээх, аныгылыы өйдөөх-санаалаах, дойдутун туһугар-патриот буолуохтаах. Иитээччи идэтэ олус эппиэтинэстээх, оҕону кытта оҕо буолаҕын, артыыстыыгын, доҕор буолаҕын, онтон куттаммакка иитээччи идэтигэр үөрэнин диэн эдэрдэри ыҥырыахпын баҕарабын. 2.Оҕо кинигэҕэ таптала бастатан туран, дьиэ-кэргэнтэн саҕаланыахтаах.Олох кыратыттан кинигэ ойуутун көрдөрөн, кэпсээн интэриэһиргэтиэххэ наада. Онтон оҕоҥ улаатан истэҕин аайы аахпытын кылгастык кэпсэтиннэрэн ,уруһуйдатан да ылыахха сөп. Кинигэни харыстыырга,таптыырга үөрэтиэххэ наада. 3.Чиэһинэ эттэххэ, кинигэ ааҕар да бириэмэ суох курдук😅.Олох уу чуумпуга аралдьыйбакка ааҕыахпын сөп. Ахтыылардаах кинигэлэри ааҕарбын сөбүлүүбүн, ол курдук бүтэһик аахпыт кинигэлэрим: Любовь Готовцева "Эдьиий,биһиги тыыннаахпыт", Олег Сидоров "Михаил Николаев" уонна биир дойдулаахпыт, суруналыыс Людмила Ноговицына суруйбут "Сүр күүһэ" диэн кинигэтин олус сэргээн, умсугуйан туран аахпытым. Бу кинигэни ааҕа иликтэр ааҕаргытыгар сүбэлиибин.) 4.Убаастабыллаах "Чэчир" уһуйаан коллективын оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин үлэһиттэрин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Эһиэхэ барыгытыгар улэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, кыайыыны, үлэттэн дуоһуйууну баҕарабын! Эһиги саамай наадалаах үлэҕит иитиллээччилэрбит ситиһиилэринэн, төрөппүттэрбит махталларынан өрө көтөҕүллэ турдун! Чугас дьоҥҥут, дьиэ-кэргэҥҥит этэҥҥэ буоллуннар! Дьоллоох буолуҥ!💐💐💐🎊🎊🎊✊ Олесова Римма Егоровна, 28 сыл стажтаах , «Күнчээн» бөлөх иитээччитэ: 1. Аныгы үйэ иитээччитэ оҕону кытта тэҥҥэ сайдан, оҕо интэриэһин билэр, кини "тылынан" кэпсэтэр буолуохтаах. Идэ талааччылар оҕону таптыыр, талбыт идэлэрин сөбүлүүр буолуохтаахтар. 2.Оҕоҕо кинигэни дьиэтигэр кэпсии, көрдөрө, ааҕа үөрэтиэхтээхтэр. 3. Мин Пушкин,Есенин,Ахматова,Цветаева хоһооннорун ааҕарбын сөбүлүүбүн. Лөгөй Тойону ааҕан бүтэрэ иликпин😃 Оҕо хоһоонноро, улуу суруйааччылар айымньылара киһи тылын байытар онон хайаан да кыралаан да ааҕыахтарын наада. 4.Коллегарбар ситиһиини баҕарабын! Турантаева Александра Николаевна, педстаж 23 сыл,психолог: 1.Аныгы кэм иитээччитэ эппиэтинэстээх, идэтин сөбүлүүр-бэриниилээх буолуохтаах. 2.Оҕо кинигэҕэ таптала дьиэ-кэргэнтэн саҕаланар, оҕону кытта бииргэ журнал, кинигэ көрүүттэн, остуоруйа кэпсииртэн. 3 Агата Кристи "Десять негритят", Сидни Шелдон "Если наступит завтра ", Коллин Маккалоу "Поющие в терновнике". 4. Күндү коллегаларбын проф. бырааһынньыкпытынан итии-истиҥ эҕэрдэ! Доруобуйаны, үлэҕэ ситиһиилэри, махталлаах төрөппүттэри, дьиэ-кэргэҥҥитигэр дьолу!👏👏👏 Олесова Екатерина Харлампьевна, 25 сыл стажтаах, «Ымыычаан» бөлөх иитэччитэ: 1.Иитээччи диэн бастатан туран оҕону таптыыр, ийэлии сыһыаннаах, идэтигэр бэриниилээх, барыга сыстагас, сатабыллаах, саҥаны айартан толлубат, ол эбэтэр творческай киһи буолар. Онтон аныгы кэм иитээччитэ аныгы кэм ирдэбилинэн бу этиллибит хаачыстыбалары таһынан, аныгылыы эттэххэ функциональнай ( мобильнай), эппиэтинэстээх, практичнай, креативнай коммуникабельнай буолуохтаах. Бу идэни талыан баҕарар оҕолорго сүбэм диэн...элбэҕи билэн-көрөн, туохтан да толлон турбакка, оҕону таптаан, киһи быһыытынан убаастаан, оҕо иитиитигэр үлэлиир идэтин толору баһылаатахпытына эрэ, оҕону ис сүрэҕиттэн сайыннарабыт, иитэр талааннаах буолабыт. Ону өйдүөхтэрин, билиэхтэрин наада. 2. Оҕону кыра эрдэҕиттэн төрөппүт кинигэни көрө, аахтара үөрэтиэхтээх. Дьиэ иһигэр семейнай библиотека оҥорон, саҥа кинигэ ыллаҕына, үөрэ-көтө билиһиннэрэн, төрөппүт бэйэтэ кинигэ ааҕарын сөбүлүүрүн көрдөрөн, оҕоҕо тапталы иҥэриэххэ сөп дии саныыбын. 3. Уоппускам бириэмэтигэр Туйаара Галактионова "Саха ыалын алаһа дьиэтэ", Т. Князева "Комнатные растения" кинигэлэри аахтым. 4. Коллегаларбар бу кэлбит идэлээх бырааһынньыкпытынан эҕэрдэлээн туран, талан ылбыт үлэбит-хамнаспыт табылыннын, үтүө түмүктээх буоллун! Дьиэбит иһэ сырдык, сылаас буоллун! Тулалыыр эйгэбитигэр ил-эйэ олохсуйдун! Ити курдук, баай опыттаах педагогтар сүбэлэрин эдэр төрөппүттэр туһаныахха, оҕолорбут тыллара сахалыы ыраас, баай буоларын туһугар үлэлэһиэххэ,кинигэҕэ сыһыарыахха диэн ыҥырабын! Күндү иитээччилэрбитигэр, уһуйаан бары үлэһиттэригэр дьолу, ситиһиини уонна чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт!♡♡♡
- Информация о материале
1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр М.Е. Николаев салайааччылаах ХХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэтин Декларациятын ылыммыта. Дьоһун докумуон Саха сирин Арассыыйа Федерациятын састаабыгар судаарыстыба быһыытынан биллэрбитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Конституциятын (Төрүт Сокуонун) оҥорууга, өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнин дуоһунаһын олохтуурга, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттанарга төрүөт буолбута. Үгэс быһыытынан бу күн бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр ыытыллалаллар.
https://youtu.be/PnpECJY4I_0?si=J3t6rs9w50Fj8Bu8
- Информация о материале
Страница 5 из 6