Алтынньы 29 күнэ – Ленинскэй КОМСОМОЛ төрүттэммит күнэ. “Аал уот” түмсүү далбардарыгар, эйэҕэс эбээлэргэ эдэр саас умнуллубат кэрэ, үтүө өйдөбүлүн ахтан-санаан ааһар биэчэр буолла. Тэрээһиҥҥэ музей үлэһитэ Шарина Е.Д. «Лөгөй комсомолецтарын” туһунан бэрт интэриэһинэй иһитиннэрии оҥордо. Библиотекарь Туйара Иннокентьевна 3 түһүмэхтэн турар викторина ыытта. Түмүккэ, 1 м. Бурнашева В.И., 2м – Олесова Г.М., 3 м.- Бурнашева Д.Г. ылары ситистилэр. Минньигэс астаах остуол тула олорон ирэ-хоро кэпсэтэн, ырыа ыллаан, оонньоон сэргэхсийэн бардылар.
Алтынньы үһүс баскыһыанньата Саха сиригэр – Ийэ күнэ. Бу үөрүүлээх күнү Кэптэни «Кэрэли» эдэр ийэлэрин түмсүүтэ бэлиэтээтэ. Минньигэс астаах остуол тула олорон элбэҕи сэһэргэстилэр, түмсүү инники былаанын быһаарыстылар, араас оонньуулары оонньоон сэргэхсийдилэр. Бу бэлиэ күнүнэн “Эһиэхэ күн-күбэй ийэлэргэ” кинигэ быыстапката турда. Күндүттэн күндү, кэрэттэн кэрэ күн күбэй ийэлэрбитин өссө төгүл эҕэрдэлиибит!