-
Информация о материале
-
Кэптэнитээҕи модельнай библиотекаҕа Лөгөй лицей-интернатын 7с кылааһын үөрэнээччитэ Павел Герасимов бэйэтин кинигэтин бэлэх уунна.
Кинигэтин «Кэрэни кэрэхсиир санаам ымыылара» диэн ааттаан, төрөөбүт дойдутун айылҕатын, мүччүргэннээх сырыыларын туһунан ураты иэйиилээхтик, оҕолуу истиҥник хоһуйан суруйбут хоһооннорун, кэпсээннэрин түмэн таһаартарбыт.
Павел төрөөбүт тылын олус таптыыр, ытыктыыр, олимпиадаларга , научнай-практическай конференцияларга ситиһиилээхтик кыттар талааннаах уол.
Айар дьоҕура сайдарыгар, кинигэтэ күн сирин көрөрүгэр күүс - көмө буолбут сүбэһитэ саха тылын уонна литературатын учуутала Тищенко Валентина Иннокентьевна.
«Айылҕаҕа сылдьарбын таптаан, кэрэхсээн бастакы холонуум 5с кылааһы бүтэрэр сылбар «Айаан мүччүргэннээх сырыылара» кэпсээни оттон кыра кылаастарга «Оҕо саас» маҥнайгы хоһооммун суруйбутум. Миэхэ иэйиим саас киирэр, томороон тымныы ааһан, самаан сайын кэлиитин уруйдаан, саас айылҕа тыллара мин иэйиибин уһугуннарар диэххэ сөп. Инникитин олимпиадаларга, НПК-ларга үрдүк таһымнаахтык кыттыахпын уонна салгыы “аргаайдык” кыралаан суруйуом» - диэн Павел санаатын үллэстэр.
Павелга ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!
-
Информация о материале
-
Подробнее...
Бүгүн Уус-Алдан төрүттэммит күнэ. 1930 сыллаахха тохсунньу 9 күнүгэр Дүпсүн, Бороҕон улуустарын уонна Байаҕантай улууһун сорох нэһилиэктэрин холбоһуутун түмүгэр Уус Алдан улууһа тэриллэн үөскээбитэ . Улууспут Саха Сирин киин өттүгэр тайаан сытар. Территорията - 18,3 тыһ.кв.м., киинэ - Бороҕон. Улууһу таарыйар улахан өрүстэр- Өлүөнэ,Алдан. Элбэх күөллэрдээх, олортон ордук улаханнара - Мүрү,Өнөр,Таргылдьыма.Улууска бороҥ чох, тутуу матырыйаала буолар хостонор баай саппааһа булуллубута.Уус-Алдан улууһа саха уустарын икки ордук бөдөҥ холбоһуктарыттан (Хаҥаластары тэҥэ) биирдэстэрэ - Бороҕон ууһун сирдэрин ылар.
-
Информация о материале
-
Сир тиһэх мичээрин иҥэрэн Саһарбыт сэбирдэх тоҕунна, От үрэх ууларын оһуордаан Курустук уйдара уһунна. Тыаһа суох бу мааны ардахтан, Дууһаны угуйар чуумпуттан Тылынна күһүҥҥү долгураҥ, Ураты уйаҕас дьүрүскэн... Тылынна күһүҥҥү долгураҥ, Ураты уйаҕас дьүрүскэн… Бу кэрэ түгэни илдьээри, Букатын куоттара сүтээри От үрэх оһуордаах сүүрүгэ Ыксаама дуу бүгүн, ыксаама... Ол дьикти долгуҥҥа бигэтэн Оҕочоос сүрэҕим сырдаата, Саһархай, саһархай алыпка Мин санаам ардаҕа умуста... Тылынна күһүҥҥү долгураҥ, Ураты уйаҕас дьүрүскэн… Н.Михалева- Сайа
-
Информация о материале
-