Бүтүн Арассыыйатааҕы акция"БИБЛИОНОЧЬ-2024" 🤩📚📚📚 Арассыыйаҕа "Дьиэ кэргэн"👨‍👩‍👧‍👦Саха сиригэр “Oҕо саас"👫Уус Алдан улууһугар "Аҕа" сылынан👨‍👦Уус Алдан улууһугар библиотека тиһигэ тэриллибитэ 100 сылынан👩🏼‍💼📚 саха норуодунай суруйааччыта Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романынан «Ааҕар Лөгөй сирэ»түмсүү бу сыллааҕы түмүктүүр тэрээһинин,литературнай оонньууну ыыттыбыт 👏🏼 Уопсайа иккилии-үстүү киһилээх 5 хамаанда кыттыыны ылла. Күрэх 3 түһүмэхтээх, бастакы түһүмэххэ "Манчаары" хоһоону уус-ураннык аахтылар,иккис түһүмэххэ роман "Кыра балаҕаҥҥа" маҥнайгы төгүлүттэн, үһүс түһүмэх роман "Эрэйдээх ыллыгынан" иккис төгүлүттэн ыйытыыларга эппиэттээтилэр🤗 Түмүккэ, 1 м Шарина Е.Д., Аржакова Е.Н., 2 м Бурнашева В.И. сиэнинээн Айгыналыын, 3 м Андросова М.Н., Бережнева Т.Е., Сысолятин В.Н. хамаандалара ыллылар👏🏼 Григорьева М.К, Копырина С.П. уонна Даалыттан кэлбит ыалдьыттарбыт Борисова М.И, Пермякова Н.Б., Заболоцкая В.Е. хамаандалара ситиһиилээхтик кытыннылар👏🏼 Дьүүллүүр сүбэ Петухова В.С., Лугинова З.П. Күрэх боппуруостарын барытын бэлэмнээтэ Матвеева М.Д. уонна оонньууну ыытта 😇👏🏼 Бары кыттыбыт хамаандаларга, дьүүллүүр сүбэҕэ истиҥник махтанабыт, өссө да кыттар буолаарын диэн ыҥырабыт! ☺️ «Ааҕар Лөгөй сирэ» түмсүү