Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ!
Саха Республикатын күнүн көрсө 6,7 "а", 7 "б" кылаас оҕолоругар библиотечнай урок буолан ааста 👏🏼👏🏼👏🏼
«Муус устар 27 күнэ - Саха Республикатын күнэ» ветеран учуутал, музей үлэһитэ Шарина Е.Д. оҕолорго аахпыт беседатын чуумпуран олорон иһиттилэр👍🏻Кырдьык да саха олоҕор суолталаах уонна быһаарыылаах күн буолбутун өйдөөтүлэр. Ол кэннэ,
«Мин дойдум- Саха сирэ» билиини -көрүүнү хаҥатар өй оонньуутун библиотекарь Борисова Т.И. ыытта🤩Оҕолор Саха сирин историятын, саха төрүт аһын, иһитин-хомуоһун, сыспай сиэллээх айылҕа оҕолорун тустарынан араас ыйытыктарга эппиэттээтилэр уонна сахалыы тыллары нууччалыы тылбаастаатылар🙌🏻 Өссө музейтан таҕаан уонна сыпсы маллары ылан оҕолорго көрдөрдүбүт , туохха туттулларын таайдылар, син удумаҕалатан бэйэлэрин санааларын эттилэр. Түмүк тахсар кэмигэр, Екатерина Дмитриевна сиһилии быһааран, кэпсээн оҕолор интэриэстэрин тарта😊 Түмүккэ, 7 "б" кылаастан турбут хамаанда 1 м, 7 "а"- 2 м, 6с (2 хамаандата) - 3 м, 6 с ( 1 хамаандата) - 4 м ылан үөрэн-көтөн тарҕастылар😍
Оҕолорго туһалаах күн буолла , элбэҕи биллилэр диэн ис-сүрэхпититтэн үөрэбит🤩🙌🏻 Көмөлөспүт, дьүүллүүр сүбэҕэ олорбут Андросова М.Н. уонна Шарина Е.Д. махталбын биллэрэбин! 🫶🏻
- Информация о материале