ДЬИЭ КЭРГЭН - ОЛОХ ТӨРДӨ
Ааспыт нэдиэлэҕэ о.э кулун тутар 27 күнүгэр Арассыыйаҕа "Дьиэ кэргэн",Саха сиригэр “Oҕо саас",Уус Алдан улууһугар "Аҕа" сылынан, Уус Алдан улууһугар библиотека тиһигэ тэриллибитэ 100 сылынан, улууспут дьонун, дьиэ кэргэнин биир санааҕа түмүү, сомоҕолооһун диэн соруктаах "Дьиэ кэргэн - олох төрдө" нэһилиэктэр икки ардыларыгар улуустааҕы култуура бэстибээлэ буолан ааста. Быыстапка көрүүтэ уопсайа 5 тематикалаах 1) элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн быыстапката , уопсайа 3 ыал (ыал буолан олорбуттара 10 сылга диэри Туяра, Петр Сысолятиннар, 25 сылга диэри Ньургуйаана, Иннокентий Даниловтар уонна 25 сылтан үөһэ Матрена, Петр Кычкиннар дьиэ кэргэттэрэ кыттыыны ыллылар2) Ааҕар дьиэ кэргэн ( 6 оҕолоох Саргылаана, Егор Копыриннар) 3)Удьуору үйэтитэр, аймаҕы ааттатар төрүччү ( нэһилиэк дьиэ кэргэттэрин, халыҥ аймахтарын төрүччүлэрэ турда) 4) Мин дьиэ кэргэним реликвията (Петухова Марианна Петровна эһэтин Тарский Матвей Филиппович 135 сыл турбут сэппэрээтэрэ 5) оҕону сайыннарар кружоктар, секциялар ( Лөгөй лицей интерната, "Чэчир"оҕо уһуйаана)
Уопсай түмүк биллибитинэн быыстапкабыт үрдүк сыанабылы ылла, 5 баалтан 5 🤩👍🏻👏🏼👏🏼 иккис төгүлүн кыайыы үөрүүтүн биллибит🥳🙌🏻
Бары үлэлэспит, көмөлөспүт бар дьоммор ис-сүрэхтэн махтал, өссө да түмсүүлээхтик кыайыы үктэллэниэх!
- Информация о материале