Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала – Олоҥхо. Үйэлэр тухары өбүгэлэрбит муударастарын, олоххо дьулуурдарын уонна кэрэҕэ тардыһыыларын илдьэ кэлбит сүдү баайбыт буолар.Лөгөй сирэ удьуор утумун салҕаабыт үгүс талааннаах дьону иитэн таһаарбыта. Ол курдук, норуот уоһуттан түспэт ааттаах-суоллаах олоҥхоһуттарбыт – П.С. Олесов – Күөх Бүөтүккэ, Н.Р.Петухов – Дьаралыктаах Наһаар, Н.П. Бурнашев — Боодоҕос, М.С.Никифоров, Л.П.Никифоров, Таатта улууһугар төрөөбүт, 44 сыллаах педагогическай үлэтиттэн 24 сылын Лөгөй нэһилиэгин үүнэр көлүөнэтин үөрэтиигэ анаан Лөгөй сиригэр олохсуйбут П.П.Оготоев курдук сүдү талааннарбыт — төрөөбүт тылбыт сүмэтин, уус-уран баайын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тириэрдибиттэрэ, эдэр ыччаты уһуйбуттара. Кинилэр толорбут олоҥхолоро, туойбут тойуктара биһиги нэһилиэкпит духуобунай култууратын бигэ тирэҕинэн буолаллар.

Бурнашев Николай Петрович — Боодоҕос (1876-1953)
Ол курдук, быйыл, 2026 сылга үбүлүөйдээх олоҥхоһуппут, аар-саарга аатырбыт Ырыа Боодоҕос — Н.П.Бурнашев төрөөбүтэ 150 сыла.
Николай Петрович 1876 сыллаахха Сыҥаах нэһилиэгэр «Суорун» алааска дьадаҥы ыалга Петр Макарович Бурнашев-Оломпо оҕонньордооххо бэһис оҕонон күн сирин көрбүт. Ийэтэ Акулина Павловна Алексеева уран тарбахтаах иистэнньэҥ, кэпсээнньит, айылҕаттан бэриллибит кэрэ куоластаах ырыаһыт.
Эһэтэ Макар Бурнашев сиэн уол төрөөбүтүгэр үөрэн, чугас ыалларын ыҥыран үс түүннээх күн олоҥхолообута диэн урукку дьон кэпсээннэригэр баар. Онон кини эһэтин, ийэтин удьуордаан улахан олоҥхоһут буолбут.
Боодоҕос намыһах уҥуохтаах, бэйэтигэр сөбө суох кэтит түөстээх, нүксүгүр улахан көҕүстээх, кылыһахтаах, эҥсилгэннээх куоластаах эбитэ үһү. Уутуйан туран олоҥхолоотоҕуна кини дорҕоонноох куолаһыттан долбуурга турар алтан иһиттэр лыҥкыныырга дылы гыналлар үһү.
- 1936 с. П.А. Ойуунускай Чараҥ ыһыаҕар тахса сылдьан аатырбыт олоҥхоһуттары мунньан ыллатан истибит.Боодоҕос онно ыҥырыллан кыттыыны ылбыт. Ол кэнниттэн Саха Автономиятын 15 сылын туолар үөрүүлээх үбүлүөйүгэр Дьокуускай куоракка киллэрэн хас да олоҥхоһуту ыллаппыттар, араадьыйаҕа устубуттар. Манна киирэ сылдьан Боодьоҕос патефон бэлэхтээх дьиэтигэр кэлбит. Ол «ыллыыр холбуйаны» өр кэмнэргэ олохтоохтор таптаан ыллатан истэ сылдьыбыттар.
- 1938 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи уус-уран самодеятельноһы көрүү 1 олимпиадатыгар Уус-Алдан улууһуттан олоҥхо көрүҥэр күрэххэ бөһөмө талааннар ааттарыгар Боодоҕос киирбит.
- 1941 с. Бороҕоҥҥо оройуон киинин уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарын күүстэринэн Боодоҕос “Күүстээх-уохтаах Күн Толуур” олоҥхотун аймаҕа Алексеев Иннокентий Гаврильевич култуура отделыгар үлэлии сылдьан туруоран дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрбит.
- 1945 с. бэс ыйын 20-21 күннэригэр Улуу Кыайыыны уруйдуур Кыайыы ыһыаҕа Бороҕоҥҥо ыытыллыбыта. Бу ыһыах олоҥхо нөҥүө кыайыыны уруйдаан үөрүү кыымын өрөгөйүн билбит ыһыаҕынан Саха норуотун историятыгар киирбитэ.
Олоҥхо толоруутун күрэҕэр архыып докумуоннара көрдөрөрүнэн Лөгөй нэһилиэгиттэн Боодьоҕос “Үөлэн Хардааччы” олоҥхотун туойан, харчынан бириэмийэлэммит. Бу ыһыах Иркутскайдааҕы документальнай киинэ хроникатын устуудьуйатын режиссера В.Стрельцов, оператор В.Грамодинский устууларынан үйэтитиллэн фондаҕа киирбит.
Олоҥхолоро: «Орто дойду буойуна Оҕо Дуолан бухатыыр»,«Үс курдаах Үөлэн Хардааччы»,
«Тумул тыал кэтэҕинэн быстан иһэрин курдук, туус маҥан аттаах Дуоллар баай тойон»,«Үтүө киһи көхсүн хаана үктэллээх Өттүк Молдьой бухатыыр»,«Күлүгүнэн оонньуур көҕөн элэмэс аттаах, күүстээх-уохтаах Күскэм Даадар»,«Баай киһи Баһымньы Баатыр»,«Кыргыска мииниллэр кыһыл буур аттаах Кыыс Дэбилийэ бухатыыр».
Нам улууһун ырыаһытын Чогдоруйа уола Мэхээлэни, Таатта улууһун ырыаһытын олоҥхоһут Маарыйаны, биир дойдулааҕын Наара Суоҕу истэн үөрэммитим диирэ үһү.
1947 с. Степан Константинович Дъяконов Боодьоҕос “Кыыс Дэбилийэ Хотун” олоҥхотун күн аайы ыллатан балтараа ый устата суруйбут. Кини манна улахан суолта биэрэн үлэлэспит олоҥхото 1997 с. кинигэ буолан күн сирин көрбүтэ.
1950 с. Г.У. Эргис саха былыргы үһүйээннэрин, кэпсээннэрин үөрэтэр фольклорнай экспедицията Боодьоҕос биографиятын, репертуарын, олоҥхотун ис хоһоонун суруйбуттар, элбэхтик ыллатан истибиттэр.

2000 с. А.С. Борисов туруоруутугар Саха драматическай академическай тыйаатыра “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхотун премьератын аан бастаан улахан сыанаҕа көрдөрөн көрөөччүгэ билиһиннэрбитэ. Сүрүн оруолу тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, ырыаһыт, Саха Сирин, Арассыыйа норуодунай артыыһа Степанида Ильинична Борисова толорбута.
2002 с. «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхо испэктээгэ Арассыыйа театральнай кириитиктэрин уонна суруйааччыларын дьүүлүгэр таһаарыллан “Кыһыл көмүс мааска” национальнай театральнай бириэмийэтинэн наҕараадаламмыта. Японияҕа Аан дойдутааҕы ЭКСПО выставкатын чэрчитинэн ыытыллыбыт Саха сирин култууратын күннэригэр “Кыыс Дэбилийэ”олоҥхо испэктээгэ дьоппуон көрөөччүлэригэр көрдөрүллэн улахан биһирэбили ылбыта.

Бу сыл Степанида Борисова, Иннокентий Дакаяров кыттыылаах бу олоҥхо Кэптэни кулуубун сыанатыгар быһа тардыллан көрдөрүллүбүтэ.

2021 сыллаахха Степанида Борисова бэйэтэ режиссердаан бу испэктээги саҥалыы тыыннаан, урукку үгэһи тутуһан, аныгы тэтими киллэрэн көрөөччү дьүүлүгэр таһаарбыта.
Бу сайын, бэс ыйын 20 күнүгэр, аһаҕас улуустааҕы Олоҥхо ыһыаҕа Боодоҕос төрөөбүтэ 150 сылынан бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта.»ОЛОҤХОБУТ ҮЙЭЛЭРИ УҤУОРДААН” быыстапка кыһыл көмүс выпустар бэлэхтэригэр, сабыс саҥа тутуллубут балаҕаҥҥа, Боодоҕос олоҕун, айар үлэтин, , Кэптэни олоҥхоһут оҕолорун кэпсиир ис хоһоонноох дьону муспута. Бу олоҥхо түһүлгэтигэр “ОЛЛООННООН ОЛОРОН ОЛОҤХОЛУОХХА” олоҥхону толорууга күөн күрэс үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта.




Олесов Петр Саввич – Күөх Бүөтүккэ (1868 – 1955)
Олоҥхоһут, кэпсээнньит былыргы үҥкүүһүт. 1868 сыллаахха Сыҥаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Хара Уулаах диэн быкаайык чөкөчөк алааска олорбута, 15 сааһыттан ыллаабыт, олоҥхолообут. Олоҥхолуурга Ларион Прокопьевич Никифоровтан (I Лөгөй) үөрэммит. «Тоҕус халлаан дьулайыгар тура төрөөбүт Ньургун хара аттаах Дьуларытта Бэргэн», «Күннүк төгүрүмтэлээх, көс усталаах көдьүнэ маҥан аттаах көҥүлүнэн үөскээбит Көрүлүүр Көр Дьэллик Бухатыыр», «Байҕам сиэр аттаах Баабый Баабыр» диэн олоҥхолордооҕо биллэр. ССРС-ка киэҥник биллибит эпосовед Иннокентий Васильевич Пухов Күөх Бүөтүккэни кытта билсэр, кэлэн сэһэргэһэр-кэпсэтэр, сурунан-бэлиэтэнэн баран убаастыыр олоҥхоһута эбит.

Иннокентий Васильевич Пуховы кытта
Аҕата ааттаах ырыаһыт Олесов Савва Максимович. Оройуонун нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан киэҥник олоҥхолообут. Уус — ураннык олус үчүгэйдик хоһуйар, көрүдьүөс тыллаах — өстөөх киһи эбит.
Д.М. Никифоров — Дабайааҥкы бииргэ төрөөбүт балта Ефросинья Михайловна Никифорова Күөх Бүөтүккэ кэргэнэ буолар. Үс кыыс, үс уол оҕоломмуттар..Икки уола сэриигэ баран, эргиллибэтэхтэрэ. Биир уола хоту үлэлии барбыта уонна онтон эргиллибэтэҕэ. Ыһыахтарга ыҥыран ылан анаан алгыстаталлара, ыллаталлара. Анаан олоҥхо истэ Өнөртөн, Дүпсүнтэн кэлэн түүнү быһа олоҥхолотоллоро. Бэйэтэ буоллаҕына, олоҥхо диэн баран өлбүт киһи этэ.

Бастакы юрист үөрэхтээх уолунаан Уйбаанныын
Сэрии бүппүт сылыгар сайын Лөгөй үс колхоһа холбоһоннор Хомустаах «Уһун Сыһыытыгар» Кыайыы ыһыаҕын ыспыттара. Онно анаан алгысчыт оҥостон илдьэ барбыттара. Тиийэн алгыырын кытта былыт тахсан үс күннээх түүн ардаабыт.
Олоҥхоһуттар бары да кэриэтэ дэгиттэр талааннаахтара, ол курдук Күөх Бүөтүккэ үчүгэй тимир, мас ууһунан биллэрэ, ыҥырыыга сылдьан илии, атах эчэйиитин, көннөрөн үтүөрдэрэ.

Аччыгый кыыһа Матрена Петровна Петухова (Сэриигэ баран суох буолбут убайдарыгар ананан оҥоһуллубут памятник-сэргэлэрин аттыгар)
Кыыһа Петухова М.П. ахтыытыттан быһа тардыы (2006с.): Сэрии бүтэн эрдэҕинэ Суоттуга, Баатаҕайга, Лөгөйгө, Хомустаахха ыһыахтарыгар ыҥыран ыланнар алҕаталлар этэ. Аттаах Никииппэрэп Ньукулай диэн оҕонньору ыыталлар этэ. Мин кинини хайа да ыһыахтарга бардаҕына батыһа сылдьар этим. Кыайыы ыһыаҕар олус ыраас күҥҥэ тиийбиппит, тиийэн алгыырын кытта былыт тахсыбыта да үс күннээх түүн ардаабыта. «Саамай үчүгэй алгыһы алҕаата.Алыптаах тыллаах киһи эбит» диэн билиҥҥэ диэри номох оҥостоллор. Суоттуга эмиэ биирдэ оннук ардахха түбэһиннэрэн турар. Саамай алҕаабыта диэн , аармыйаҕа барааччылары алҕаабыт этэ. Добун ардах түспүтэ үһү. Кэлин этээхтээбит: «Бу алдьархайдаах улахан, суостаах-суодаллаах сэрии буолар буолла» диэн.

Петухов Назар Романович — Дьарылыктаах Наһаар (Наһаар Ойуун 1870 -1939)
Чээлэй аҕатын ууһуттан улаханнык биллибит олоҥхоһутунан Петухов Наһаар Романович — Дьаралыктаах буолар. Кини ситэри ситэн торҕо күөҕүнэн чэлгийбит оттоох-мастаах, тула өттө лаглайбыт хатыҥ мастардаах, утарыта турар тумул тыалаах, сааскы кэлии, күһүҥҥү көччөх кус таптаан түһэр күөллээх, көнө-дэхси хонуулаах Күөс Ыйаабыт диэн алааска төрөөбүтэ-үөскээбитэ. Күн тахсыытын көрсө, киириитин атаара турар куула тумус сыырын үрдүгэр таптаан олохсуйбут өтөҕө баар.
Кини бэрт кыра сааһыттан олоҥхолуу үөрэммит. Айылҕаттан уус — уран тыллаах, уһун тыыннаах, күүстээх кэрэ куоластаах идэтийбит сүдү олоҥхоһут эбит. Кини сүрдээх үлэһит, бэртээхэй тимир ууһа. Ол эрээри, ордук олоҥхоһут быһыытынан киэҥник биллибит.
Дьарылыктаах Наһаар саар тэгил уҥуохтаах, дьыпсаан халыҥ, толору эттээх, суон моойдоох, улахан төбөлөөх, хара бараан буолан баран, ис киирбэх сэбэрэлээх аҕамсыйбыт киһи. Кэпсээнэ баһырхай, тохтоло суох этэн суккуйара, тыла — өһө сөҕүмэрэ. Ырыатыгар куолаһа хойуу, бааҕынас, ол гынан баран хайдах эрэ хос дуорааннаах, кэҕэлээх. Наһаар тиит төрдүгэр олорон эрэ аһыырын, утуйарын да умнан төгүрүк суукканы быһа олоҥхолуурун дьон көрөрө үһү.
Олоҥхолоро:
1.«Үөлэн Хардааччы»
2. «Алаатыыр Ала Туйгун»
3. «Аҕыс уон араҕас атыырдаах, тоҕус уон толомон оҕустаах
дохсун сырыылаах, дьулусханнаах айаннаах, тумул тыа
быһаҕаһын саҕа сүр – дьаҕыл аттаах Дуолан Баатыр»
4. «Хайҕамсык Хара Хаан оҕонньор, Хабыр баай
эмээхсин»,
5. «Байдам сиэ аттаах Баабый Баатыр».
6. «Сарахана Күүркэнньик»,
7. «Туруорбах Бэргэн»
Никифоров Михаил Семенович
Сахаттан бастакы муосчут Никифоров Дмитрий Михайлович — Дабайаанкы аҕата.
Кини олоҥхото «Байҕам сиэр аттаах баай киһи оҕото Баабый Баатыр».
Никифоров Ларион Прокопьевич
Кини Күөх Бүөтүккэни олоҥхолуурга үөрэппит эбит.
Кини олоҥхолоро:
1. «Тоҕус халлан дьулайыгар төрөөбүт Ньургун хара аттаах Дьуларытта Бэргэн». (Барашков С.И. 1941 с. суруйбут).
2. «Күннүк төгүрүмтэлээх, көс усталаах көдьүнэ маҥан аттаах көҥүлүнэн үөскээбит Көрүлүүр Көр Дьэллик бухатыыр». (Готовцев М.С. 1941 с. суруйбут.
Оготоев Петр Васильевич

Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха биллиилээх олоҥхоһута, тойуксут, поэт, прозаик, фольклорист, этнопедагог, музеевед.
П.В Оҕотоойоп Таатта улууһугар Аллараа Амма нэһилиэгэр түөрт оҕолоох дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Чычымах оскуолатын 7 кылааһын бүтэрэн баран, оскуолаҕа үлэлээн саҕалаабыт. Уус-Майа улууһугар пионервожатайынан, онтон Таатта улууһун Чымынаайы оскуолатын сэбиэдиссэйэ буолбута. Аҕа Дойду Улуу сэриитин кэмигэр Горнай улууһун Өрт оскуолатыгар завуһунан, дириэктэринэн, Амма улууһун Алтан, Амма, Наахара оскуолаларыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан, Амма оскуолатын оҕо дьиэтин дириэктэринэн бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Хоһоонноро, ыстатыйалара, кэпсээннэрэ улуус уонна Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэммиттэрэ.
Петр Васильевич «Мэхээлэ уонна бөҕө бөҕөстөр» хомуурунньуга Алматы куоракка «Бичик» кыһатыгар бэчээттэммитэ. Дьокуускайга 2001с.
Петр Васильевич «Эһэ хара аттаах Элэс Боотур» айымньыта — сахалыы, английскайдыы, Корея тылларыгар Москваҕа уонна Сеулга 2002 уонна 2005 сс. бэчээттэнэн тахсыбыта. Олоҥхо видео уонна аудио халандаар бааллар. Маны барытын кыра уол Петр Петрович аан дойду виртуоз — хомусчута, профессиональнай хомусчут, РФ үтүөлээх артыыһа, аҕатын аатын үйэтитэн дьарыктаммыта.
Петр Васильевич Оҕотоойоп «Элэс Боотур» олоҥхото саха норуотун тылынан уус- уран айымньытын уһулуччулаах пааматынньыга буолар.
«Элэс Боотур» олоҥхоҕо икки утарыта турар күүстэр охсуһуулара ойууланар. Олоҥхо сүрүн өйдөбүлэ — Айыы аймаҕа орто дойдуга дьоллоох, баай олох туһугар туруулаһара буолар.
Матырыйааллар «Олоҥхолоох олох уустара»(2008с.), «Алыптаах тыллаах алгысчыт, олоҥхоһут П.С.Олесов — Күөх Бүөтүккэ» (2018с.), «Петр Васильевич Оготоев — олоҥхоһут учуутал»(2011с.) кинигэлэртэн ылылыннылар.