Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүгэр, ѳрѳспүүбүлүкэҕэ Ньургуhун күнэ бэлиэтэнэр. Бу ураты күн Саха Сиригэр 2004 сыллаахха биллэр суруналыыс Иван Ушницкай кѳҕүлээhининэн аан бастаан олохтоммута. Саха Сиригэр ньургуhун сэттэ кѳрүҥэ үүнэр. Саhархай, маҥан, кытархай, халлаан күѳхтүҥү-хара саарыл ѳҥнѳѳх буолар. Ньургуһун туһунан ырыалары уонна хоһооннору төһө билэргитин бэрэбиэркэлэнэн көрүҥ.