Ааҕар балаҕан ыһыы бэлэмигэр

 

Уус Алдан оройуоннааҕы 1 Лөгөй ааҕар балаҕана нэһилиэк иһигэр ыытыллар политиканан сырдатар үлэ киининэн буолбут.Ааҕар балаҕан сэбиэдэссэйэ Бурнашев В.И. нэһилиэк үс колхозтарыгар баар 12 агитатары салацйар.Кинилэргэ анаан 1945 сыл бастакы кыбаарталыгар семинары 4 тэ оҥорбут.Ити таһынан биирдэ сүбэ мунньах ыытыллыбыт.

Семинардарга уонна сүбэ мунньахха агитатордары кытта бииргэ Ааҕар балаҕан чилиэннэрэ уонна нэһилиэк советын актыбыыстара сырыттылар.Кинилэр тыа хаһаайстыбатын үлэлэрин туһунан партия уонна правительство уураахтарын,агрономия быраабылаларын,күннээҕи ааһан иһэрбыһыы-майгы тустарынан үөрэттилэр.

Агитатордар саҥа дьылтан бэттэх 18 дакылааты,5 лекцияны,184 бэсиэдэни уонна 82 аа5ыыны оҥордулар.Дакылааттар уонна лекциялар,бэсиэдэлэр уонна ааҕыылар тиэмэлэринэн ССРС байыаннай политическай уонна народтар икки ардыларынааҕы балаһыанньата, Советскай информбюро иһитиннэриилэрэ, итиэннэ сиэмэ хаачыстыбатын тупсарыы, тыа хаһаайыстыбаннай массыыналарын үчүгэйдик өрөмүөннээһин,олохтоох уоҕурдуулары туһаныы тустарынанкэпсэтиилэр буоллулар.

Колхозтар бары фермаларыгар зооветбыраабылалары үөрэтэр куруһуоктар тэриллибиттэр.Фермалар үлэһиттэрэ үөрэнии түмүгэр сүөһүнү көрүүнү-харайыыны тупсарбыттар. “Куоталаһыыы» колхозка ырыа уонна драматическай куруһуоктар .

Агитатор таб.Попов А.С. КуоталаҺыы” колхоз хонуутун биригээдэтигэр сыһыарыллыбыт. Кини кулун тутарга дакылааты иккитэ уонна бэсиэдэдэлээһин уон тоҕуста оҥорбут. Таб. Попов колхозтаахтар олохторун-дьаһахтарын уонна үлэлэрин билэр буолан кэпсэтиини тирээн турар соруктары кытта сибээстээн ыытар. Ити түмүгэр биригээдэ ыһыыга көрдөрүүлээхтик бэлэмнэннэ. Ыһыы сиэмэтин хаачыстыбата үчүгэй,ноһуомнааһын былаана 116 бырыһыан толоруллунна ,көлөнү сынньатыыга туруоруллунна. Билигин хомуур массыыналарын өрөмүөннээн бүтэрэн эрэллэр.

Нэһилиэк советын уонна райсоветын исполкомун комиссията биригээдэ ыһыыга бэлэмин үчүгэйинэн аахта.

Ленин аатынан колхозка агитатор таб. Сысолятин Г.С. “Куоталаһыы” колхозка таб.Замятин И.М. уонна да атыттар ити курдук колхозтаахтары түмэн үлэлииллэр.

Агитатордар колхозтаахтары тэриллиилээх уонна дьиссипиинэлээх буолуу тыыныгар иитэллэр, колхоз председателин эбэтэр биригэдьиирин сорудаҕа халбаҥа суох толордулар.

Нэһилиэк үс колхоһа оскуола уонна тэрилтэлэр оттор мастарын таһыыны бүтэрдилэр. Холобур, Ленин аатынан колхоз 50 көлөнү уонна 34 киһини үлэлэтэн, аҕыйах хонук иһигэр 600 кубометр маһы киллэрдэ. Билигин көлө барыта сынньалаҥҥа туруоруллунна.

Социалистическай куоталаһыы бэрэбиэркэлэнэн иһэр.1945 сыл 1 кыбаарталыгар хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ бары былааннар аһара толоруллубуттарын көрдөрөллөр. Нэһилиэк колхозтара ыһыыга сарсын да тахсарга бэлэмнэр. Маныаха ааҕар ыыппыт политиканан сырдатар үлэтэ көмөлөстө.

 

Г.Иванов.

БСК(б)П Обкомун лектора.

 

 

 

Үтүө өйдөбүлү хаалларбыта

Биһиги күндү, өрүү ахтар-саныыр ийэбит, эбээбит Попова Мария Сергеевна II 1942 с. төрөөбүт. Аҕата Сергей Константинович Попов төрүт Хомустаах олохтооҕо, ийэтэ Евдокия Афанасьевна Заровняева Сыӊаахтан төрүттээх Заровняевтар кыыстара эбитэ үһү.

Ийэбит киэӊ-холку майгылаах, мындыр өйдөөх, сахалыы сайаҕас, анал үөрэҕэ суох да буоллар,, билиигэ-көрүүгэ тардыһар, элбэх ыра санаалаах, санаатын хаһан да түһэрбэт, сүрдээх ыраас туттунуулаах, ис киирбэх дьүһүннээх, бэйэтигэр сөп, барар гына таӊнар киһи этэ.

Кини Мүрү оскуолатыгар сэттэ кылааһы бүтэрбит, онтон дьоно ыалдьаннар кыайан үөрэммэккэ, тохтоон үлэлииргэ күһэллибит. Ийэтигэр күүс-көмө буолан райсовекка инструкторынан үлэҕэ киирбит. Сүрдээх грамотнай, нууччалыы билэр буолан дьону кытта хайа баҕарар темаҕа кэпсэтэр этэ. Ол курдук таайа Михаил Семенович Попов, күтүөтэ Николай Алексеевич Черноградскай кэллэхтэринэ наһаа үөрэрэ, киэһэ хойукка диэри Аан дойду балаһыанньатын ырытан биэрэллэрэ.

«Лөгөй» диэн кинигэҕэ суруллубутунан 1951 сыллаахха өктөөп бырааһынньыгар 187 сыарҕалаах аттан кыһын обуос тэриллибит. Онно «Киэӊ харах» диэн маӊан атынан сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Попова М.С, «Барана сүгэ» диэн атынан главнай бухгалтер Охлопков Н.К буолан арыаллаан кулууп иннигэр трибунаҕа тиийбиттэр. Онтон сылыктаатахха ити кэмнэргэ сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьыбыт.

 

1967 сылтан Кэптэни сельскэй библиотекатыгар үлэҕэ киирбитэ. Онтон ыла үлэ үөһүгэр түспүтэ.

1978 с мин Лөгөй оскуолатыгар үлэлии кэлбитим. Онно учууталлар ийэбин истиӊ тылынан элбэхтик ахталлара. Холобур, Свинобоев Н.Н., Бурнашев А.В., Максимов В.В. Онон да сылыктаатахха туох баар күүһүн, сатабылын, билиитин көрүүтүн барытын ууран туран үлэлээбитэ саарбаҕа суох.

Сайынын барар-кэлэр массыыналары үлэһэн кинигэ кэһиилээх фермаларга, отчуттарга барара уонна киэһэ олох хойут кэлэрэ.

Ааҕааччыларга ааҕааччы конференцията оӊороро. Холобур, «Сүрэх тэбэрин тухары» ромаӊӊа оӊорон түүнү быһа бэлэмнэнэр этэ. Онно оскуола учууталлара көмөлөһөллөрө.

Үлэтиттэн 7-8 чааска бүтэн кэлэр этэ. Ас буһаран баран ийэбитин кэтиирбитин өйдүүбүн.

Ийэбит активнай позициялаах этэ. Комсомол, кэлин партияҕа киирбитэ. Ону 1978 с. «Активной комсомолке 40-х годов» диэн бочуотунай грамота ылбыта туоһулуур. 1972 с «За высокие показатели в социалистическом соревновании в честь 50-летия СССР» бочуотунай грамотанан, 1973-1974 сылларга соц.күрэххэ бастаан эмиэ бочуотунай грамота уонна 1974 с Москва куоракка барар туристическай путевканан наҕараадаламмыта. 1977 с пенсияҕа тахсыбыта.

Пенсияҕа тахсан баран 2 сыл совхозка статистигынан үлэлээбитэ. Ийэбит ханнык да үлэттэн толлубат, дьоӊӊо ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх киһи этэ.

Биһиги үөрэхтээх буоларбытыгар кыһаллар аҕай этэ. Онон иккиэн анал үөрэҕи бүтэрэн, үлэлээн пенсияҕа тахсан олоробут. Сиэннэр эмиэ бары анал үрдүк- орто үөрэҕи бүтэрэн, ыал буолан олороллор. Билигин 7 сиэн, 12 хос сэн ийэбит олоҕун салгыыллар.

Ийэбит сырдык мөссүөнэ биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах.

 

Дария Николавна Охлопкова,

пед.үлэ бэтэрээнэ, СР үөрэҕириитин туйгуна

 

 

 

Кэптэни сельскай библиотекатын ааҕааччыны кытта үлэтиттэн.

Кэптэни сельскай библиотеката 3980 экз.кинигэ фоннаах, кинигэ фона отделларынан туруоруллан көҥүл киирии олохтоммут.

Библиотека заведующайа т.Герасимова Александра Ивановна 1962 сылга нэһилиэнньэни ааҕааччынан хабыыга балайда үлэни ыытта. Бу дьылга библиотека ааҕааччыны хабыахтаах 159 киһини,133 хаһаайыстыбаны,98 дьиэни.Итинтэн 143 киһини,67 хаһаайыстыбаны,55 дьиэни ааҕааччынан хапта.

772 экз.кинигэ, ол иһиттэн 591 экз. худ. лит-ра, 33 экз. т/хаһ.-лит-рата, 40 экз:общ.полит.лит.-ра уо.д.а кинигэлэр ааҕааччыга бэриллиннилэр.

Герасимова нэһилиэнньэни ааҕааччынан хабыыны чуолкайдыан инниттэн бэйэтэ хабар учаастагарбиирдиилээн ыалларынан кэрийэн испииһэк оҥорбут. Итинэн библиотекаҕа ааҕар уонна сылдьар кыахтаах эрээри сылдьыбат, олох кыайан ааҕар кыаҕа суох дьоннору чуолкайдыыр уонна испииһэк оҥорон саайбыт ити таһынан библиотекатттан төһө хаһаайыстыба туһанарын уонна ханнык хаһаайыстыба олох сылдьыбатын туһунан кэпсиир карта оҥорбут.

Картатыгар ааҕар хаһаайыстыбаны кыһыл плажогунан бэлиэтиир. Библиотекаттан сылдьар ааҕар уонна олох аахпат дьоҥҥо оһуобай картотека оҥорор уонна ону кармашкаҕа угар./картотеканы каталожнай карточкаҕа да угуохха сөп/.Ити кэннэ аахпат киһи ааҕар буолбут буоллаҕына ол киһи картотекатын ааҕар дьон картотекаларыгар көһөрөн биэрэр маны таһынан кыайан аахпат дьоннорго 7-8 кылаас оҕолорунан кинигэҕэ,хаһыат сонуннарыгар туспа былааннаан ааҕан биэриини тэрийэр. Ити түмүгэр 59 колхозтаах ,23 службалаах,14 дьиэ хаһаайката,48 оскуола оҕотоааҕааччынан хабылыннылар. Маны таһынан көрдөрөн уонна тылынан агитацияҕа үгүс көрүҥнээх үлэлэри ыытар. Ордук тыа хаһаайыстыбатын литературатын нэһилиэнньэҕэ киэҥник пропагандалыыр. “Бастыҥ опыты бэйэн үлэҕэр туһан”, “Эн маннык үлэлиигин дуо”уо.д.а. б/плакаттары үгүстүк оҥортуур.

Бары библиотека үлэһиттэрэ т.Герасимова үлэтин үчүгэй өрүттэриттэн бэйэҕит үлэҕитигэр туттуҥ.

 

Отдел культура

19/VIII|-62 cыл.

 

 

 

 

 

Алексеева (Оготоева) Матрена Петровна (1951-2008)

Балтым туһунан

Матрена Петровна 1951 сыллаахха Курбуһах нэһилиэгэр учуутал дьиэ-кэргэнигэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа эһээлээх эбээтигэр Хомустаахха аспыта. 1958 сыллаахха төрөппүттэригэр Кэптэнигэ көһөн кэлэн оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран, кылааһын оҕолорун кытта ыҥырыы таһааран “Оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн девиһинэн Партизан Заболоцкай аатынан колхоз Даалы,Хомуустаах учаастактарын фермаларыгар ыанньыксытынан үлэлээбитэ.

Салгыы Дьокуускайдааҕы Культпросветучилище библиотека үлэтин отделениятыгар киирэн үөрэнэн, 1975 сыллаахха бүтэрэн Кэптэнигэ тахсан библиотекарынан үлэтин саҕалыыр. Үлэтин Попова Мария Сергеевнаттан тутар. Кини специалист быһыытынан билиилээҕэ,плакаттары, стендэлэри үчүгэйдик суруйара. Аҥардас библиотека үлэтинэн муҥурдаммат этэ.Кулууп киэргэтиитигэр эмиэ кыттан культура дьиэтэ тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар, ааҕааччылар үөрэ-көтө кэлэллэригэр кыһаллан үлэлээбитэ.Үбүлүөйдээх суруйааччыларга элбэх быыстапкалары, стендэлэри оҥороро.Общественнай олоххо көхтөөхтүк кыттара. Зона начальнигын быһыытынан эдэр ыччаты көҕүлүүр биир төһүү күүһүнэн буолара. Идэтин үрдэтээри Кемеровтааҕы Культура институтун библиотека салаатыгар ситиһиилээхтик үөрэнэн, бастакы кууруһу бүтэрэн баран, кэргэннэнэн, дьиэлэнэн-уоттанан, оҕолонон үөрэҕин быраҕарга күһэллибитэ.

Кэргэнин кытта Курбуһахха көспүтэ. Манна кэлэн олохтоох библиотекаҕа үлэлээбитэ.Салгыы кэргэнин Сыырдаахха үлэлэтэ ыыппыттара. Библиотекаҕа миэстэ суох буолан: Лена совхоз Сыырдаахтаа5ы отделениятын кадрга отделын начальнигынан үлэлээбитэ.

Кэлин кэргэнин дойдутугар Элэһиҥҥэ олохсуйбуттара.Матрена Петровна манна оҕо саадыгар, оскуолаҕа төрүт культура учууталынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Элбэх общественнай үлэни толорорго, элбэх бырааһынньыктары, ыһыахтары тэрийиигэ сүүрбүтэ-көппүтэ. Кэлин олох уларыйыытыгар кэргэнинээн “Хардыы” диэн бааһынай хаһаайыстыба тэрийбиттэрэ.Хаһаайыстыбаларыгар сүөһү иитиитинэн дьарыктаммыттара,үлэтэ суохтарга үлэ миэстэтин таһааран киэҥ үлэни тэрийбиттэрэ.

Матрена Петровна олус эйэҕэс, аһыныгас майгылааҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыанынан улахан убаастабылы ылара.Кини дьиэ-кэргэнигэр өрүүтүн бииргэ төрөөбүт балыстара,кэргэнин аймахтара кэлэллэрэ,сылдьаллара.Олору Матрена Петровна куруутун үөрэ-көтө көрсөн,хас биирдиилэригэр ураты болҕомтотун уурара,кыһамньылаахтык сыһыаннаһара. Билигин даҕаны Элэһин олохтоохторо кинини үтүө тылларынан ахталлар.

К.П.Оготоева

эдьиийэ, СР үөрэҕириитин туйгуна

 

Заровняева (Степанова) Христина Егоровна (1964-

Үтүө өйдөбүл

Христина Егоровна 1964 сыллаахха Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүтэ.Төрөппүттэрэ айылҕаттан айдарыылаах, талба талааннаах дьиэ-кэргэн. Ийэтэ Вера Егоровна Заровняева куруук сыанаҕа тахсан олоҥхолуурун, ыллыырын-туойарын, үҥкүүлээн үөрдэрин билигин даҕаны сорох кырдьаҕастар уос-номох оҥостон кэпсииллэр.Аҕата Егор Егорович эдэр сааһыттан плясканан үлүһүйбүт үҥкүүһүт бэрдэ, өр кэмнэргэ култуура эйгэтигэр эҥкилэ суох үлэлээбит -ССРС култууратын туйгуна, РФ бочуоттаах бэтэрээнэ.

Христина Егоровна 1971 сыллаахха Уһун-Күөл начальнай оскуолатыгар үөрэнэн бүтэрбитэ.Салгыы Лөгөй орто оскуолатыгар ситиһиилээхтик үөрэнэн оскуоланы 1981 сыллаахха бүтэрбитэ.Оҕо сааһыттан оскуола бастыҥ актыбыыһа этэ, төрөппүттэрин курдук үҥкүүһүт үтүөтэ.

Оскуоланы бүтэрээт Даалы учаастагар Кыһыл муннук сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.Элбэх ыччаты тардан сынньалаҥнарын тэрийэрэ.

1982 сыллаахха Улан-Удэ куоракка подготовкаҕа үөрэммитэ.1983 сыллаахха Илин-Сибиирдээҕи култуура институтугар библиотека салаатыгар үөрэххэ киирэн, түөрт сыл кыһамньылаахтык үөрэнэн бүтэрэн баран,1987 сылга Кэптэнигэ библиотекарынан үлэлии киирбитэ.Эдэр эрчимнээх кыыс үлэҕэ киирээт кулууп үлэһиттэрин кытта АКБ-га киирэн сайынын ферма, ходуһа үлэһиттэригэр кинигэ передвижкатын үлэлэтэн, совхоз туруу үлэһиттэрин кинигэнэн хааччыйан, араас бэсиэдэлэри, кинигэ ырытыытыноҥорон, олус интэриэһинэйдик кэпсиирин билигин даҕаны умнубаппыт.

Кулууп ыытар тэрээһиннэригэр барытыгар актыыбынайдык кыттара.Кэнсиэрдэргэ, бэстибээллэргэ,гастуруолларгасылдьыһара.Ол курдук, Кэптэни кулуубугар «Алгыс» ВИА бөлөххө ведущайдаан улууһу барытын кэриэтэ кэрийбиттэрэ.Бу бөлөххө эдэр ыччаттар Саргылаана Кривошапкина (Константинова), («Мүрү Күөрэгэйэ»),Иннокентий Готовцев талааннаах мелодист,музыкант, Петр Протопопов уо.д.а ыллыыллара.Оччотооҕу кэмҥэ кинилэр айар талааннарын ведущай Христина Егоровна кэрэ, намыын куолаһынан саҥаран дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэрэ.

Библиотека үлэтигэр ылсан үлэлээбитэ.Саха суруйааччыларыгар сүрдээх ураты,киһини тардар выставкалары туруорара, тематическай биэчэрдэри ыытан дьон биһирэбилин ылара.

Мин билэрбинэн, ааҕааччытынаан Пратизан Заболоцкай аатынан совхоз дириэктэрэ Петр Петрович Бурнашеву кытта «Культ личности Сталина»диэн темаҕа матырыйаал көрдөөн дискуссиялыыр этилэр. Түүн да утуйбакка Сталин туһунан ааҕара, билиитин хаҥатара.Сарсыарда хараҕа кып-кыһыл буолан турара.

Найахыга гастролга сылдьан олоҕун аргыһын көрсөн ыал буолбута, биир уол оҕолонон ийэ аналын билбитэ.

90с сылларга олох тосту уларыйыытыгар оҕустаран Нерюнгрига көһөн барбыттара. Үлэ көстүбэккэ кэлин предприниматель буолбута уонна 52 сааһыгар бу олохтон туораабыта.

Кини куруук элбэх доҕоттордоох, дьүөгэлэрдээх буолааччы. Үтүө өйдөбүлүнэн биһиги куруук кинини ахтабыт,саныыбыт.

 

балта В.Е.Сыроватская,

СР култууратын туйгуна.

 

 

 

 

Сивцева Мария Иннокентьевна (196

Я, Мария Иннокентьевна Сивцева с осени 1986 года по 1991 года работала заведующей в сельской библиотеке Кэптенинского филиала ЦБС. Когда я поступила на работу фонд библиотеки складирован был в клубе. Когда я принимала и востановила работу библиотеки с районной библиотеки приехали специалисты и практически помогли востановить всё документы фонда. Во время работы в библиотеке очень тесно работала с ЦБС, со школьной библиотекой и с Домом культуры. Разные мероприятия, конкурсы, библиотечные уроки проводили совместно. Поступив на работу библиотеки начала списания журналов и газет. Списанные документы по правилам библиотечной работы надо было сжечь. Мне как то руки не поднялись сжечь списанных газет и журналов. Поэтому собирала комплекты со списанных газет и журналов и написала объявление, о том что продаю комплекты. Население с удовольствием покупали комплекты. За эти деньги купила главный приз - чернобурку на игру " Поле чудес".проводила игру в клубе. А вход на игру сделала платным. За эти платные мероприятия мне устно дали выговор с предупреждением. потому что в то время всё мероприятие были бесплатными, а поступившие деньги сдала в бухгалтерию сельсовете. Читателей, посещений, книговыдачи очень много было. В библиотеке всегда очень много читателей были. Читатели были разного возраста. Библиотека работала с 9-19 ч. Выходной воскресенье. На новые поступления постоянно делала обзоры. Читатели в некоторых новых книг составляли очередь по списку, что кто за кем берёт книгу почитать. Новые книги с районной библиотеки привозил мой муж - Александр Михайлович Сивцев. Он всегда поддержал и помогал в работе библиотеки. Когда работала в Кэптенинской библиотеке проходила аттестацию и присвоили библиотекарь высшей категории. Я очень благодарна за поддержку работникам культуры Кэптенинской СДК, коллективу школы и коллективу ЦБС Усть - Алданского улуса.

 

 

 

 

 

Ийэбин Саша диэн ааттыыллара

Ийэм, Герасимова Александра Ивановна 1928 сыл муус устарга күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ үстээҕэр өлөн тулаайах хаалбытын ийэтин аймаҕа дьахтар көрөн-истэн, 1938 сыллаахха Дьокуускай куорат 2-ис нүөмэрдээх оскуолатыгар үөрэнэ киирэр. Сэттис кылааһы ситиһиилээхтик бүтэрэн, үлэһит буола охсоору Дьокускайдааҕы культпросвет оскуола библиотечнай отделениятыгар үөрэнэн ананар. Ол үлэлии сылдьан саҥа армияттан кэлбит аҕабын, Петухов Афанасий Николаевиһы көрсөн, таптаһан ыал буолаллар. Аҕам училище кулуубунай отделениятын бүтэрбитин кэннэ Уус-Алдан оройонугар тахсаннар Өнөр сельскэй кулуубун библиотекатыгар сэбиэдиссэйинэн ананар. Мантан ыла кини туох-баар өйүн – санаатын, билиитин, уопутун библиотека үлэтин тупсарарга аныыр. Оччолорго кинигэ аҕыйаҕа, учуота мөлтөҕө.

Кини үлэлиир кэмигэр кинигэх фондата 7 тыһыынчаҕа тиийэр. Хас биирдии кинигэҕэ карточка суруллан каталокка угаллар. Элбэх массабай үлэлэр, конференциялар, диспуттар, тематическай биэчэрдэр буолаллар. Онон барытыгар нэһилиэнньэ киэҥ араҥата хабыллар. Библиотекатыгар литературнай плакаттары, саҥа кинигэни билсиһиннэрэр муннуктары тэрийэр.

Агитатордарга, пропагандистарга бастакы сүбэһиттэрэ буолар. Лекторынан үлэлиир. Маны барытын былааннаан үлэлииригэр эдэр ыччаттартан библиотечнай совет тэринэн кыай- хото тутара.

Культура систематыгар 17 сыл эҥкилэ суох үлэлээн ССРС культуратын министиэристибэтин бочуотунай грамотатынан, үлэ ветерана знагынан наҕараадалламмыта.

 

Александра Афанасьевна Петухова,

СГУ библиотекара

 

 

 

 

 

Ааҕааччылары умсугутан.

Мин 1979 сылтан 1980 сылларга Кэптэнитээҕи олохтоох нэһилиэк библиотекатыгар үлэлии киирбитим.

Бороҕоҥҥо биир ый стажировканы бараммын атырдьах ыйыгар улэбин саҕалаабытым.

Улэбэр киирээт аа5ааччылары кытта улэлэспитинэн барбытым. Ол курдук , оччолорго эдэр ыччат фермаларга комсомольскай путевканан тахсан улэлиирэ. Улэ быыьыгар кыайан библиотека5а кэлбэт этилэр. Ол иьин эдэр ыччат аа5ыы эйгэтигэр тардар санаааттан коьо сылдьар библиотека улэтин ыыппытым. Ол аата передвижной кинигэни уларан корунун киэнник тар5апппытым. Партизан-Заболоцкай совхоз Кэптэнитээ5и фермаларыгар сатыы сылдьамммын кинигэ илдьэн уларсан куутуулээх кунду киьи буоларым. Ол сылдьан агитатор улэтин тэнинэн толорон дойдуга ыытыллар куурээннээх улэ ситиьиилэрин иьитиннэрэн сайылык олохтоохторун сэргэхситэрим.

Кыьын улэ-уэрэх са5аламмытын кэннэ кулуупка ыытыллар тэрээьиннэргэ тэнинэн кыттарым, тематическэй киэьэлэри ыытарым.

Библиотекам аана оруу аьа5ас, аа5ааччылары кинигэ уларса кэллэхтэринэ чуо кинигэлэргэ туьааннаах айымньылары, литератураны булан ылан талан биэрэрим.

Логой орто оскуолатын библиотекалара Сивцева Аграфена Иннокентьевнаны кытта ыкса сибээстээхтик улэлиирбит. Кыьын Сана дьыл иннинэ выпускниктары уонна Даалы эдэр ыччаттарын кытта до5ордуу корсуьууну КВН курэхтэьииттэн ыыппыппыт. О5олор уонна эдэр ычаттар олус собулээбиттэрэ.

Онон библиотекаларынан улэлээбит сылларбын истинник саныыбын. Библиотекар улэтэ элбэх билиини-корууну эрэйэр, аа5аааччы ис санааатын таба тайанар умсугутар идэ буолар. Аа5ааччы кинигэни аа5ыан иннинэ библиотекар бэйэтэ аахпыт, билбит-корбут буолуохтаах.

Ахтыыны суруйда Логой орто оскуолатын высшай категориялаах учуутала. Уус-Алдан баьалаган Бочуотнай Грамотатын, Ил тумэн судаарыстыбаннай мунньа5ынБочуотунай Грамотата, «Уус-Алдан уэрэ5эриитигэр кылаатын иьин» «Логой нэьилиэгин уэрэ5эриитигэр кылаатын иьин»

 

«СО уэрэ5ириитин бочуоттаах улэьитэ» анал бэлиэлэрдээх педагогическай улэ ветерана.

Олесова Мария Гавриловна

 

АХТЫЫ

 

Мин Пухова-Белолюбская Зоя Михайловна Илин-Сибиирдээҕи культура институтун бүтэрэн библиотекарь-библиограф идэлээхпин.

1984-1986 сс. икки сыл курдук Кэптэнитээҕи библиотекаҕа үлэлээбитим. Үлэбин Николаева Диана диэн эдэр кыыстан туппутум.Филиал фондата аҕыйах уонна олус баайа суох курдук өйдөбүл хаалбыт. Ордук справочнай-библиографическай өттүгэр үлэ мөлтөх этэ, каталог дьааһыга да суоҕа, киин библиотекаттан аҕалан саҥалыы оҥорон саҕалаабытым. Мин өйдүүрбүнэн, ол кэмнэргэ библиотекалары киэһэ 6-7 ч. дылы үлэлэтэргэ дьаһал кэлэн олус тымныы библиотекаҕа үлэлээн тоҥорбун өйдүүбүн. Уборщицам Павлова Евдокия диэн сүрдээх ыраас, түргэн туттуулаах, улахан дьиэ-кэргэн иһирэх ийэтэ, сонун-кэпсээн бөҕөлөөх киирэн кэлэрэ.Библиотекам тымныы диэн баран хаалыма, хаарыан кыыс тулуйа түс, оҥоруохтара диэн санаабын көтөҕөрө.

Библиотека оччолорго эргэ кулууп кутуругар кыракый икки хостоох салҕааһын дьиэҕэ баара.Саҥалыы киирэн, фондабын билсэн эрдэхпинэ бастакы тымныыларга библиотекам тоҥон хаалбыта, онон кулуупка парткабинет аттыгар баар кып-кыра хоско көһөрбүттэрэ. Совхоз парткабинетын сэбиэдиссэйинэн Владимир Семенович Леонтьев диэн үтүөкэн киһи үлэлиир этэ, партийнай, советскай кинигэ, сурунаал, брошюра бөҕө сурутан ылан политүөрэхтээһиҥҥэ анаан бэлэмнэтэллэрэ. Периодиканы темаларынан, сылларынан дьаарыстааһыҥҥа көмөнү оҥорон үлэлэспитим.

Кинигэ фондата көһүүгэ барыта киирбэтэх буолан үлэлииргэ табыгаһа суоҕа.Ааҕааччы элбэҕэ да суох буоллар, өрүүтүн кинигэ уларсар, саҥаны интэриэһиргиир дьон суох буолбатахтар этэ.Саҥа кинигэлэр киин библиотекаттан Бороҕонтон кэлэ тураллара, ордук детектив, история хабааннаах,саха литературатын саастаах да, эдэр да ааҕара, уочараттааһын да баара. Кулууп коллектива көхтөөх, эйэлээх буолан миигин эдэр киһини тута бэйэлэригэр тардан, араас тэрээһиннэргэ кыттыһан барбытым. Кулууп директорынан үлэлиир Заровняев Егор Егорович, худруктар Егорова Александра Ивановна, Бурнашева Ульяна Ивановна, Заровняева Любовь Егоровна, художник Иван Борисов тустарынан үтүө өйдөбүллэр хаалбыттар.

Оччолорго совхозка парткомунан опыттаах үлэһит Калининскай Иван Семенович(уһуннук улуус ветераннарын сэбиэтин салайбыта), комсомольскай тэрилтэ сэкиритээринэн Копырина Муся (билигин Новикова Марфа Михайловна, журналист) үлэлииллэрэ.Бары эдэр дьон мустан, фермаларга, сайылыктарга бэсиэдэлэри, саҥа кинигэлэри билиһиннэриилэри, кэнсиэрдэри, агитбригадалары тэрийэр үлэҕэ кыттыһарбыт. Дэриэбинэ олоҕо сэргэх,элбэх күрэхтэһиилэр, күргүөмнээх субботниктар буолаллара.

Кэптэнигэ үлэлээбит кэмнэрбэр олус үчүгэй дьоннуун алтыспытым.

Ордук чуолаан Социалистическай Үлэ Геройа Копырина Анастасия Семеновна дьиэтигэр 5 кыыс буолан олус иллээхтик, эдэр саас көхтөөх олоҕунан олорбуппут. Кини кыыһа Муся комсомольскай тэрилтэбит салйааччыта этэ.Анастасия Семеновна куоракка да олордор хам-түм кэлэн мунньахтарга, тэрээһиннэргэ кыттан барара, үлэни-хамнаһы ыйытара,ийэлии иһирэхтик сүбэлиирэ, остуол тула олорон чээйдиирбит, сэргэхтик сэһэн-тэппэн буоларбыт. Кини туһунан сырдык өйдөбүллэр хаалбыттар.

Эһиилигэр киин библиотекаҕа үлэҕэ ыҥыраннар Бороҕоҥҥо үлэлии киирбитим, онтон Баатаҕай филиалыгар 10 сыл библиотекарьдаан баран, Бороҕоннооҕу Сэһэн Ардьакыап аатынан кыраайы үөрэтэр музейга 20-тэн тахса сыл директорынан, н.сотруднигынан үлэлиибин.

 

 

Ахтыыны суруйдум З.Белолюбская

Ушницкая Мария Михайловна

 

Мин Ушницкая Мария 1920 с. лабачааны үрүйэтигэр төрөөбүтүм. 1939 с. Мүрү 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрбитим уонна 1939- 1940 сс. Күһүн алтынньыттан ыам ыйыгар диэри Мээндигэ үөрэҕэ суох улахан дьоннорстационарнай оскуолаларыгар учууталлаан 25 киһини суруйар – ааҕар оҥортообутум. Ол иһин раисполком уурааҕынан бээрийэ нэһилиэгэр үөрэҕэ суохтары суох оҥоруу армиһа диэн удостворение биэрбиттэрэ. 1942 – 42 сс. Бастаан ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн онтон сэбиэт 1943-46сс. Райсовет сэбиэдсиссэйинэн үлэлээбитим. 1947с. Кэргэним дойдутугар Лөгөйгө көһөн тахсан баран сельскэй библиотекаҕа, клубка, колхозка бригадирынан, сэбиэт председателинэн, партийнай тэрилтэ секретарынан, совхоз бухгалтерынан о.д.а. Дуоһунастарга үлэлээбитим. Үөрэҕим орто специальнай диэн. (бухгалтерскай). Райсовекка инструктарынан, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Кэргэним 1951 с. олохтон туораабыта. Биир кыыс оҕоломмутум уонна икки оҕону ииппитим. Оҕолорум үрдүк үөрэхтээх үлэһиттэр. Мин сынньалаҥҥа олоробун.

 

 

 

 

Ахтыыны суруйда М.М. Ушницкая.

 

1998с. Ыам ыйын 17 к.

 

Ахтыыны ыллыбыт Бээрийэ библиотекатын архивыттан

Туйаара Васильеваттан ылылынна.

 

 

Васильева Екатерина Иннокентьевна

 

Мин Бээрийэ нэһилиэгэр 1954 с. төрөөбүтүм. Дьокуускайдааҕы культурнай – сырдатар училище библиотечнай отделениятын бүтэрэн Хоноҕорго үлэлээн бүтэн, Кэптэнитээҕи сельскэй библиотекатыгар 1981 с. күһүнүгэр ананан кэлбитим. Онтон Мындаабаҕа, улуус библиотекаларыгар үлэлээн ааспытым. Библиотека дьиэтэ кулууп биир аҥаарыгар сыһыары турара, тымныы да буоллар онно үлэбитим. Оччолорго үлэ бөҕө ирдэнэр этэ. Компартия хас съеһин, уурааҕын аайы стендэ, кыһыл муннук, араас паапкалары, ону таһынан бэсиэдэлэри, оҕолорго кылаас чаастары ыыталыырбыт. Улуус киинигэр библиотекаҕа үлэлии сылдьан, библиотекаҕа баһаар буолан, онтон ыла уурайбытым. Дойдубар Бээрийэҕэ олорбутум. Билигин Нам улууһугар Арбын бөһүөлэгэр олоробун.

 

 

 

Ахтыыны суруйда Екатерина Иннокентьевна.

 

2023 с. Ыам ыйын 29 к.