Былыр былыргыттан биһиги үөрэхтээх дьоннорбут библиотекаттан билиини- көрүүнү ылбыттара, аан дойду араас сонунун, историятын аахпыттара, билбиттэрэ.Ол иһин кинигэни уонна библиотеканы улаханнык ытыктаан,харысхаллаахтык сыһыаннаһаллара уонна оннук сыһыаҥҥа инники ыччат дьонун үөрэтэллэрэ.
Биһиги нэһилиэкпитигэр ханна баҕарар буоларын курдук,колхоз олоҕо бөҕөргүүр кэмигэр,ордук Кыайыы кэнниттэн, дьон -сэргэ саҥа культурнай олоххо,билиигэ-көрүүгэ тардыһыыта улаатан испитэ.
1946 сылга диэри нэһилиэкпитигэр Ааҕар Балаҕан аһыллыбатаҕа.Ол гынан баран туох да үлэ барбатаҕа диир алҕас буолуо.Араас агитационнай, пропагандалыыр, нэһилиэнньэ сынньалаҥын тэрийии,улахан дьону үөрэхтээһин,эдэр ыччаты байыаннай дьыалаҕа үөрэтии курдук үлэлэри ыытарга сэбиэт бэрэсэдээтэлэ, суруксута,депутаттар дьаһалларынан-быһаарыыларынан хас колхоз аайы эппиэттээх дьону анаталыыллара. Новгородов И.К., Олесов Е.П., Дьяконов И.П.о.д.а. Ол дьон сүүрэн-көтөн, тэрийэн Ааҕар Балаҕан ыытыахтаах үлэтин толороллоро.
Сэрии кэнниттэн 1946 с нэһилиэк өтөҕөр Ааҕар Балаҕан аһыллан сэбиэдэссэйинэн Макеев Ф.Д. ананан тахсыбыта. Ааҕар балаҕан иһинэн үлэлиир агит-пууҥҥа Бурнашев В.И.- Уһун Баһылай үлэлээбитэ.Бырааһынньыктары тэрийии, ыччаттары уус-уран самодеятельноска тардыы, нэһилиэнньэ ортотугар араас көрүҥнээх агитацияны, пропаганданы ыытыы,бастыҥ уопуттары тарҕатыы, ОСОАВИАХИМ иһинэн барар үлэлэри , о.д.а. Ааҕар Балаҕан уонна агитпункт тэрийэллэрэ. Бу үлэлэригэр маҥнайгы
көмөлөһөөччүлэринэн комсомоллар уонна ыччаттар этилэр.
1947 с Бурнашев В.И. «Куоталаһыы” колхозка бэрэссэдээтэлинэн талыллыаҕыттан 1942-1944с 1 Лөгөй сэбиэтин сэкирэтээринэн,1944-1947 сс оройуон исполкомун иһинэн ОСОАВИАХИМ кэмитиэтинэн бэрэссэдээтэлинэнуонна инструкторынан үлэлээбит Попова М.С ананан тахсыбыта.Бу сылларга агит-пуун оннугар Лөгөй нэһилиэгин сельскай библиотеката тэриллэн Мария Сергеевна 1949 с саҥатыгар диэри библиотекардаан баран, Макеев Ф.Д. Бороҕоҥҥо киирэн 1951с сэбиэтинэн талыллыар диэри, Аа5ар Бала5ан сэбиэдэссэйинэн үлэлээбитэ. 1949с.ыам ыйын 16 күнүттэн библиотека сэбиэдэссэйинэн Ущницкая М.М. ананан Бороҕонтон дьиэнэн көһөн тахсыбыттара.
1951с нэһилиэкпит колхозтара холбоһон Лысенко аатынан колхоз буоланнар Даалыттан көҥдөйө бүппүт кулуубу көһөрөн аҕалан Кэптэнигэ тутуохтарыттан сельскэй кулууп аһыллан 2008 с диэри үлэлээбитэ онтон кэнники саҥардыллан тутуллубута.
Хара маҥнай аһыллыаҕыттан библиотека үлэтин атаҕар туруорарга , бастыҥнар кэккэлэригэр таһаарарга библиотекардар дьулуһан үлэлээбиттэрэ. Ол курдук сылтан сыл араас кинигэлэри, справочниктары, энциклопедиялары, оройуон,республика,киин бэчээт хаһыаттарын ,сурунаалларын суруйтарыы, олору наардаан картотекаҕа киллэрии , хас биирдии ааҕааччыга сатаан тиэрдии, кинини кинигэни хайдах систиэмэлээн таларга,ааҕарга үөрэтии соҕотох библиотекарь санныгар сүктэриллэрэ. Маны таһынан ааҕааччылар конференцияларын ,диспуттары, тематическай биэчэрдэри ыытыы,агитатордар, пропагандистар үлэлэригэр көмөлөһөн үгүс стендалары оҥоруу, ыйан-кэрдэн биэрии биир сүрүн миэстэни ылара.Биир эриирдээх, элбэх сатабылы эрэйэр үлэнэн баар кинигэлэри, хаһыаттары, сурунааллары уһун кэмҥэ сатаан харайыы, өрөмүөннээһин буолара.
Лөгөй нэһилиэгэр маны барытын саталлаахтык тэрийэн, сүүрэн-көтөн,булан-талан библиотекардаабыттара:
1948-1949, 1967-1974 гг. Попова Мария Сергеевна;
1949-1953 гг. - Ушницкая Мария Михайловна;
1953 - 1954 гг.- Заболоцкая Анна Петровна;
1954-1968 гг.- Герасимова Александра Ивановна;
1965-1966 гг. Сивцева Аграфена Иннокентьевна;
1975-1978 гг. - Оготоева Матрена Петровна;
1979 - 1980 гг.- Олесова Мария Гаврильевна;
1981- 1982 гг. Васильева Екатерина Иннокентьевна;
1982- 1984 гг. - Николаева Диана
1984-1985 гг.- Пухова Зоя Михайловна;
1986-1991 гг. - Сивцева Мария Иннокентьевна;
1987-1989 гг. - Степанова Христина Егоровна;
1991-1998 гг. - Слепцова Ефросинья Федоровна.
1998-2023гг- Андросова Мария Николаевна