Партизан Заболоцкай диэн ким этэй? Михаил Михайлович Заболоцкай 1889 сыллаахха Тулунаҕа сэниэ ыалга төрөөбүтэ. 1910–1909 сс “Эдэр күүстэр” диэн революционнай куруһуок чилиэнэ буолбута. 1910–1912 сыллардаахха революционнай үлэҕэ кыттыбытын иһин иккитэ хаайыыга олорбута. Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ, 1920 сыллаахха ревком преседателэ этэ. Гражданскай сэрии сылларыгар Советскай былааһы көмүскээн, саа-саадах тутан, Кыһыл Армия байыаһа буолан уруҥнэри утары сэриилэспитэ. Ыам ыйын 21 күнүгэр 1922 сыллаахха аатырбыт Киллэм сэриитигэр хорсун красноармеец Михаил Михайлович Заболоцкай саҥа олох иһин сырдык тыынын толук уурбута. Ыам ыйын 5 күнүгэр 1958 сыллаахха биһиги “Лысенко” аатынан колхозпутугар Михаил Михайлович Заболоцкай аата иҥэриллибитэ. Итинтэн ыла Партизан Заболоцскай аатынан колхоз буолбута. Итинник колхозпут аатын туһунан кэпсээн баран, 70 сылларга саҕаламмыт колхозтары бөдөҥсөтүү туһунан ССКП КК уураахтара тахсаннар, дойдуга совхозтар тэриллэн барбыттара. 1974 сыллаахха оруйуон бары колхозтара совхоз буоланнар элбэх тэрийэр үлэлэр ыытыллыбыттара. Биһиги Партизан Заболоцкай аатынан совхозпут 1974 сыллааха атырдьах ыйын 20 күнүгэр тэриллибитэ. Бу иннинэ 1928 сылтан тэриллибит колхозтартан саҕалаан, кэлин Кэптэни бөһүөлэгинэн кииннэммит Партизан Заболоцкай аатынан колхоз ситиһиилэрэ үрдүк быһархай, үлэни өрө туппут оччотооҕу колхозтаахтар ситиһиилэрэ үрдүк, республикаҕа, дойдуга тиийэ биллибит кэмнэрэ этэ. Ол курдук Лөгөй, Уус-Алдан Мүрү, Суотту нэһилиэктэрин кэнниттэн оруйуон биир улахан нэһилиэгэ буолар. Республика историятыгар бастакынан уонна соҕотоҕун 1970 сыллаахха производстваҕа үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэн, Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан Партизан Заболоцкай аатынан колхоз наҕараадаламмыта. Ол саҕана бэрэссэдээтэлинэн Егоров Василий Поликарпович үлэлээбитэ. Кэптэни, Баатаҕай, Тулуна, Уһун Күөл, хомустаах, Даалы биригээдэлэрэ социалистическай үлэ куоталаһыытыгар Союзка, Россияҕа, Республикаҕа миэстэлэһэн, өйдөбүнньүк знамиялары ылбыттара. Үлэ Кыһыл Знамиялара күүстээх үлэ туоһулара буолан, дьону-сэпгэни үлэҕэ көҕүлээбиттэрэ, дьол, үөрүү, киэн туттуу өрөгөйө буолан, билигин дп дьон-сэргэ сүрэҕэр сөҥөн сылдьаллар, эдэр ыччакка өрүү кэрэ кэпсээн буолаллар. Ону тэҥинэн 1973 сыллаахха ынахтан үүтү ыаһыҥҥа чулуу көрдөрүүлэрин иһин, ыанньыксыт Копырина Анастасия Семеновнаҕа 1973 сыл балаҕан ыйын 6 күнүнээҕи ССРС Үрдүк Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан 1972-1973 сс кыстыкка сүөһү иитиитин бородууксуйатын оҥорон таһаарыы, Бүтүн Союзтааҕы социалистическай куоталаһыыга улахан ситиһиилэрин уонна эбэһээтилистэбиллэрин толрууга килбиэннээх үлэтин иһин Ленин уордьанын, “серп и молот” кыһыл көмүс мэтээли туттаран туран, Социалистическай Үлэ Геройун аата иҥэриллибитэ. Колхоз, совхоз бэрт үгүс үлэһэттэрэ-ыанньыксыттар, тутааччылар, тырахтарыыстар, бороон көрөөччүлэр Советскай Союз уордьаннарын, мэтээллэрин үрдүк таһаарыылаахтык үлэлэрин иһин ылар чиэскэ тиксибиттэрэ. Ол курдук, элбэхтик сороҕун эттэххэ, Петухов Петр Семенович, колесов Гаврил Кириллович, Борисова Мария Дмитриевна 1, Новгородова Матрена Ивановна - Бочуот знага уордьанынан, Мигалкин Николай Васильевич, Копырин Алексей Михайлович - Үлэ Кыһыл Знамятын уордьанынан наҕараадыламмыттара. Ити 70-с сылларга совхоз үлэһэттэрэ өрө көрүүлээх, ситиһиилээх үлэлэрин түмүгүн, холобур, биир маннык тохсус пятилетка балааннарын олоххо киллэрии түмүктэриттэн көрүөххэ сөп. 1975 сыллаахха Партизан Заболоцкай аатынан совхоз тохсус пятилетка төрдүс сылын түмүгүнэн былааннарын маннык толорон испитэ ынах сүөһү ахсаана 4800 төбө буолуохтааҕын 4807 төбөнөн толорон, былаанын 100,02%, ол иһиттэн ыанар ынаҕа 1872 төбө буолуохтааҕын 1876 төбөнөн толорон, былаанын 100,02%, сылгы 2125 төбө буолуохтааҕын 2069 төбөнөн толорон, 97,4%, ол иһиттэн биэтэ 945 төбө буолуохтааҕын, 906 төбөнөн толорон, былаана 95,5% эт оҥорон таһаарыытынан 95.5%, үүтүбиир феражнай ынахтан 1660 кг ыахтааҕын 1540 кг ыан, былаанын - 92,8% толорбута (П.П Бурнашев, Партизан Заболоцкай атын совхоз директора. 7.11.1975 с.) Онтон бу үлэҕэ дьоһун көрдөрүүлэр, совхоз бары үлэһэттэрин льүккүөрдээх үлэлэринэн, үтүө салайааччылар үлэни былааннаахтык, туһалаахтык аттарыылларыттан ситиһиллибитэ диир оруннаах. Ол курдук, Партизан Заболоцкай аатынан совхоз диретордарын, сатабыллаах салайааччылар ааттарын умнумуохха сатаммат. Бурнашев Петр Петрович (1974–1976 сс) Саха Республикатын норуотун хаһаайыстабытын үтүлээх үлэһитэ, Лөгөй нэһилиэгин, Уус-Алдан улууһун Бочуоттаах гражданина, Попов Роман Петрович (1981-1988сс) - совхоз директора, Уус-Алдан улууһун бастакы баһылыга, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Уус-Алдан улууһун, Лөгөй, Байаҕантай, 2-Лөгөй нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, Жирков Святослав Петрович (1988-1993сс) - совхоз директора, Лөгөй нэһилиэгин маҥнайгы баһылыга, Кинилэри тэҥэ 1-2 сыд үлэлээбиттэрэ Неустроев Владимир Федотович, Степанов Николай Гаврильевич. Ахтан ааһыаҕын, совхозпутугар үлэ тахсыылаах буоларын туһугар утуйар да ууларын умнан туран дьон туһа диэн түбүгүрбүт совхозпут орто сүһүөх салайар үлэһиттэрин. Үтүө эрэ тылынан мэлдьи ахтыллар биригэдьиирдэрбитин Колодезников Иван Петрович, Гуляев Михаил Прокопьевич, кириллов Егор Иванович, Оллонов Николай Иванович - Уһун-Күөл, Петухов Петр Семенович, Алексеев Николай Лазаревич, Заболоцкий Владимир Егорович, Петухов Петр Гаврильевич - Даалыга, Лыткин Иван Иванович, Егоров Егор Фомич - Кэптэнигэ, Никифоров Иннокентий Прокопьевич, Дегтярев Василий Михайлович, Дегтярев Семен Семенович, Сторожев Дмитрий Михайлович - Тулунаҕа, Колесов Гаврил Кириллович, Бурнашев Иван Семенович - Хомустаахха, Соловьев Афанасий Алексеевич - Баатаҕайга. Кинилэр совхоз, оруйуон салайааччыларынаан бары биир санааҕа түмсэн таһаарыылаах үлэни тэрийсибит улахан үтүөлээхтэр. Саамай улахан боппуруоһунан совхозка мэлдьи даҕаны сүөһү, сылгы кыстыыр отун булунуу буолар. Бу сылы быһа быһаарыллар от үлэтэ элбэх сыраттан, үлэттэн, тэрээһинтэн сөпкө былааннаан, толоруллан иһэрин биһиги араас совхоз саҕанааҕы сводкаларыттан, үлии сылдьыбыт дьон ахтыыларыттан ааҕан билэбит. Сайыны быһа сыралҕан куйааска от оттообут, сорох кураан дьылларга ыраах сирдэргэ көһөн оттообуттарын, тиэйэн-таһан сыраласпыт үлэһит дьоммутун ахтыаҕын. Борисов Илья Иннокентьевич, Лугинов Семен Петрович, Охлопков Михаил Яковлевич, Копырин Афанасий Спиридонович, Копырин Данил Петрович, Лугинов Николай Николаевич - үлэни салайбыт звеньеводтар, убай-быраат Копырин Иван, Николай Петровичтар, Олесов Гаврил Семенович, Петухов Семен Михайлович, Лыткин Николай Гаврильевич, Павлов Эльпидифор Константинович, Сысолятин Иван васильевич, Олесов Дмитрий Гаврильевич - трактористар. Дегтярев Михаил Егорович, Борисов Дмитрий Егорович, Прядезников Дмитрий, Гаврил Дмитриевичтар, Бурнашев Аким Акимович, Олесов Дмитрий Петрович, Павлов Гаврил Николаевич - солбуллубат отчуттар, онтон да атын сүүһүнэн ааҕыллар нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ, улаатан эрэр оҕолоро совхоз саҕана күүрээннээх үлэҕэ күүс-көмө буолаллара. Онтон үрүҥ илгэни үрүлүтэр, эти-аһы дэлэтэр ферма ыанньыксыттарын, хотон ис-тас үлэһэттэрин, сылгыһыттарын, Маяк буолбут саамай бастыҥ, үлэҕэ холобур буолбут аҕа саастаах ытыктыыр дьоммут Копырина Анастасия Семеновна - Социалистическай Үлэ Геройа, Борисова Матрена Дмитриевна 1 - Бочуот Знага уордьан кавалера, Атласова Аксиния Марковна - ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутата, Мигалкина Александра Гаврильевна - Колкозтаах Бүтү союзтааҕы 3 съезтэрин делегата, Стрекаловскай Михаил Петрович - Үлэ Кыһыл Знамята, Үлэҕэ Албан аат 3 ст. уордьаннар кавалера, онтон да атыттар, үлэни өрө туппут киэн туттар дьоммут буолаллар. Совхозпут үүнэрин-сайдарын, олох уйгута тупсарын туһугар күннэрэ-түүннэри утуйар да уулларын умнан туран үлэлээбит механизатордар, төрөөбүт бөһүөлэкпит кэрэ көстүүлээх, көнө уулуссалардаах буоларыгартутуу бөҕөгү ыытыспыт туттааччылар, ааҕар-суоттуур совхоз аппаратын,үөрэх, медицина, культура, сибээс, реммастерской үлэһэттэрин үрдүк ситиһиилээх үлэлэрин бары билэ-көрө сылдьабыт, кинилэринэн киэн туттабыт.