Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Аан дойдутааҕы сааһырбыттар декадаларын көрсө,Билии ыйынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн библиотекаҕа аҕа саастаах дьоммутугар "Күһүҥҥү көрсүһүү" сынньалаҥ киэһэтэ буолла.🤩🍁🍂🌾🍬🍹 Саха сиригэр судаарыстыбаннаһы төрүттэспит чулуу дьон туһунан музей үлэһитэ Шарина Е.Д. кэпсээтэ,ол кэннэ библиотекарь Борисова Т.И. Саха сирин историятыгар анаммыт викторина оонньотто. Өр кэмҥэ библиотекарынан үлэлээбит Андросова М.Н. каллиграфическай сурукка күрэх ыытта.🖊️ Түмүк тахсыар диэри А.С.Пушкин, М.Ю.Лермонтов күһүн туһунан хоһооннорун күргүөмүнэн аахтылар.😍 Викторина түмүгүнэн 1м. Борисова М.В., 2м. Шарина Е.Д., 3м. Фомина А.С. онтон каллиграфическай сурукка 1м. Алексеева М.П., 2м. Фомина А.С., 3м. Олесова Г.М. ылары ситистилэр. Тэрээһини киэргэппит «Саамай-саамай…» ретро-күрэх буолла. «Саамай былыргы кинигэм», «Саамай эргэ сыллаах сурунаал»,«Мин үөрэммит тэтэрээтим»,«Үөрэммит сылларбын санатар Уруучукам», «Эргэ паартам «марайа»-Чэрэниилэм иһитэ» анал ааттарга бэрт интэриэһинэй ис-хоһоонноох аҕалбыт малларын кэпсээтилэр. Ити кэннэ минньигэс астаах остуол тула олорон сэһэргэстилэр, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Ытык - мааны дьоммут көрсүһүү үтүөтүн билэн, сэргэхсийэн, астынан махтал тылларын анаатылар.