attachment.jpeg        attachment.jpeg

Үлэ Дьоруойугар А.С.Копыринаҕа аналлаах стела турда

1973 сыл балаҕан ыйын 6 күнүгэр, "Бартыһаан Заболоцкай" аатынан колхоз доярката Анастасия Семеновна Копырина Социалистическай Үлэ Дьоруойун аатын сүкпүтэ. Үлэ Дьоруойун аатын сүкпүтэ 50 сылыгар анаан олорон, үлэлээн ааспыт сиригэр Даалыга, киниэхэ анаммыт "СТЕЛА" үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Үөрүүлээх күҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, Даалы айанын АРКАТА саҥалыы тыыннанан арыллынна, айан суолун аартыгар кэлбит ыалдьыттары арыылаах алаадьынан, кымыһынан айах тутан көрүстүлэр. Социалистическай Үлэ Дьоруойа А. С. Копырина аатынан Арчы дьиэтин уһаайбатыгар, киниэхэ анаммыт, биир дойдулаахтарбыт Егор Петрович Оготоев, Алексей Прокопьевич Самсонов санааларын ууран олус үчүгэйдик оҥорбут Стелаларын арыллыыта үрдүк таһымҥа буолан ааста.Олохтоохтору, кэлбит ыалдьыттары СӨ Бырабыытылыстыбатын Бэрэсэдээтэлин солбуйааччыта С. В. Местников эҕэрдэлээтэ, бүгүн бу бэлиэ күҥҥэ ыалдьыт буолан турарыттан астынан, долгуйан туран Арчы дьиэтигэр бэйэтин аатыттан алгыстаах чороон уонна дьөһөгөй тириититтэн оҥоһуллубут тэллэх бэлэх уунна. Нэһилиэк баһылыга Н. Н. Попов олохтоохтору бу улахан тэрээһининэн эҕэрдэлээтэ, олохтоохтор баҕаларынан, кинилэр проектарын учуоттаан айан аартыгар Даалыттан төрүттээх Александр Семенович Олесов олус тупсаҕай гына Аарканы саҥардан оҥорбутун кэпсээтэ, бу Үлэ Геройугар ананан оҥоһуллут стеланы чочуйан таһаарбыт биир дойдулаахтарбытыгар уонна бары олохтоохторго, ыалдьыттарга махтанна. СӨ профсоюзтарын Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Н.Н.Дегтярев, РФ Үлэ Геройа М.Н, Готовцев, А.С.Копырина кыыһа М.М.Новикова бу улахан тэрээһинтэн астыммыттарын биллэрэн тыл эттилэр. улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта П. С. Сивцев, бука барыларыгар үтүө күҥҥэ бары үтүөнү, доруобуйаны баҕаран туран, баһылык Николай Поповка бу улахан үйэлээх тутуулары оҥотторуом диэн ыһыахха эппитин бүгүн тылга хаалларбакка, олоххо киллэрбитин бэлиэтээн туран, эҕэрдэлээн, махтанан, туран улуус Баһылыгын Алексей Васильевич Федотов эҕэрдэ суругун туттарда. РФ доруобуйа харыстабылын үтүөлээх бырааһа Иван Петрович кэргэнинээн Уус Алданнааҕы "Үһүс саас" оскуола салайааччыта Домна Николаевналыын бу Арчы дьиэтин таһа күөх отунан-маһынан чэлгийэ үүннүн диэн бу үөрүүлээх күҥҥэ бэйэлэрин сэмэй бэлэхтэрин мас аҕалан олортулар. Кэлбит ыалдьыттары бырааһынньык мааны, дэлэй астаах остуолга ыҥыран киллэрэн күндүлээтилэр. Манна ырыа-үҥкүү оройуттан тутулунна. Тыл үтүөтэ, баҕа санаа бастыҥа этилиннэ. Бу үлэ сылыгар анаммыт, үлэттэн дьолун булбут Социалистическай Үлэ Геройа А. С. Копыринаҕа анаммыт тэрээһинтэн бары да астынан, дуоһуйан тарҕастыбыт.

"Лөгөй нэһилиэгин сонуннара"телеграмтан ылылынна.